|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2021 » Март » 25 » III Сорокинскай ааҕыылар
17:51
III Сорокинскай ааҕыылар

Кулун тутар 24 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар Саха Республикатын Үөрэҕин уонна Култууратын туйгуна, «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы фонда лауреата, «Туллукчаан» оҕо ансаамбылын тэрийээччитэ, салайааччыта, география учуутала Василий Николаевич Сорокин сырдык кэриэһигэр аналлаах улуустааҕы III педагогическай «Сорокинскай ааҕыылар» үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Ааҕыыларга Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан естественнэй хайысха учууталлара, кылаас салайааччылара уонна уруогу таһынан дьарык, эбии үөрэхтээһин педагогтара кыттыыны ыллылар.

Төҥүлү оскуолата «Сорокинскай ааҕыылары» аан бастаан 2013 сыллаахха тэрийэн ыыппыта. Сыала-соруга – методическай-иитэр үлэни тупсарыы, саҥардыы, педагог профессиональнай таһымын үрдэтии, В.Н.Сорокин педагогическай опытын үөрэтии, чинчийии. Ааҕыылар «Туллукчаан» оҕо үҥкүү образцовай ансаамбыла 25 сыллаах үбүлүөйүнэн Василий Николаевич Сорокин айар үлэтигэр анаммыта, 4 секциянан ыытыллыбыта: «В.Н.Сорокин - творец, человек, личность», «Традиции народного воспитания в семье», «Сердце отдаю детям», «Организация духовно-нравственного воспитания в условиях перехода на новые стандарты». Барыта 28 педагог уонна төрөппүт кыттыыны ылбыта. Педагогическай ааҕыылары сэргэ үөрэнээччилэргэ анаан оскуола иһинэн «Туллуктана көтүҥ, туллукчааннар» диэн ааҕыы үс секциянан: «Чаҕылхай талааннаах киһи», «Киһиэхэ кыната - сөбүлүүр дьарыга», «Үөһэ-үөһэ үҥкүү дойдутугар» - тэриллибитэ, онно 39 оҕо кыттыбыта. Оччолорго ааҕыылары 3-түү сыл быыстаан ыытар анал бырагыраамма ылыллыбыта. Онон иккис ааҕыы 2016 сыллаахха В.Н.Сорокины «Туллукчаан» ансаамбыл төрүттээччитин уонна новатор-учуутал быһыытынан сырдатар сыаллаах 6 секциянан буолбута: «Методика преподавания географии в современной школе», «Традиции народного воспитания в семье», «Я - классный руководитель», «Воспитать гражданина», «Организация духовно-нравственного воспитания в условиях новых стандартов», «Внеурочная деятельность и дополнительное образование - пространство развития личности».

Ааспыт 2019 сылга ыытыллыахтаах III «Сорокинскай ааҕыылар», пандемия хаарчахтаан көһөн, быйыл, 2020 сылга, буолла. Ааҕыы үс секциянан тэрилиннэ, барыта 45 педагог кыттыыны ылла. Ол иһигэр 2 педагог ЗУМ нөҥүө, 1 кэтэхтэн кытыннылар. Барыта 39 үлэ, сорох  дакылаат, сорох бырайыак быһыытынан, иһилиннэ. «Биология, география, химия предметтэрин үөрэтии методиката», «Кылааска иитэр үлэни саҥа стандартка олоҕуран тэрийии», «Оҕо личность быһыытынан сайдар эйгэтэ - уруогу таһынан  дьарык уонна эбии үөрэхтээһин» секцияларынан кыттааччылар үлэлэрин сырдаттылар, көмүскээтилэр.

Эбиэт кэнниттэн Төҥүлү орто оскуолатын учууталлара маастар-кылаастары ыыттылар. Алын кылаас учуутала Баишева А.Д. - «Письмо по кругу», нуучча тылын учуутала Киренская М.И. - «Применение приемов ТРКМ на уроке», история уонна обществоведение учуутала, эдэр педагог Романов Н.В. - «Метапредметы - основа современного урока».

Уһулуччу талаанынан, сатабылынан элбэх оҕону уһуйан үөрэппит учуутал, салайааччы Василий Николаевич Сорокин баай опытын үөрэтэр-чинчийэр уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах-соруктаах тэриллибит III педагогическай «Сорокинскай ааҕыылар» түмүктэннилэр, кыайыылаахтар ааттаннылар.

Ол курдук, «Биология, география, химия предметтэрин үөрэтии методиката» секцияҕа лауреат - Төҥүлү орто оскуолатын естественнэй предметтэр учууталларын кыттыгас «Алаас оҕотобун» бырайыага.

1 истиэпэннээх диплом - Габышева Яна Ильинична, биология учуутала (Балыктаах ОО), «От урока к исследовательской деятельности».

2 истиэпэннээх диплом - Сотникова Евгения Степановна, география учуутала (Балыктаах ОО), «География уруогар сахалыы компоненнары киллэрии».

3 истиэпэннээх диплом - Сосин Степан Романович, география учуутала (Төҥүлү ОО), «Пути и условия совершенствования географических и исторических знаний на основе применения межпредметных связей».

«Кылааска иитэр үлэни саҥа стандартка олоҕуран тэрийии»  секция түмүгэ:

Лауреат - Скрябина Антонина Саввична, Феофанова Оксана Олеговна, кылаас салайааччылара, (Аллараа Бэстээх 2 ОО), «Я люблю НБСОШ 2» бырайыак.

1 истиэпэннээх диплом - Говорова Ангелина Николаевна (Балыктаах ОО), «Твори добро» бырайыак.

2 истиэпэннээх диплом - Канаева Фекла Моисеевна, алын кылаас учуутала (Дьабыыл ОО), «Игра на хомусе, как способ улучшения здоровья учащихся».

3 истиэпэннээх диплом - Смолина Анастасия Семеновна, математика уонна физика учуутала (Бырама ОО), «Күлүм сыдьаайа» бырайыак.

Номинация «Лучший проект по воспитательно-коррекционной работе» - Лыткина Яна Иннокентьевна, социальнай педагог (Төҥүлү ОО).

«Уруогу таһынан  дьарык уонна эбии үөрэхтээһин - оҕо личность быһыытынан сайдар эйгэтэ» секция түмүгэ:

Лауреат - Яковлева Нина Николаевна, эбии үөрэхтээһин педагога (Хаптаҕай ОО), «Организационно-педагогические условия развития творческих способностей учащихся на занятиях школьной телестудии».

1 истиэпэннээх диплом - Эверстов Василий Семенович, физкультура уонна ОБЖ учуутала (Төҥүлү ОО),  «Бохуоттар уол оҕону иитиигэ суолталара» бырайыак.

2 истиэпэннээх диплом - Бурнашева Анна Филаретовна, оскуола библиотекара (Балыктаах ОО), «Тыл хоһууна» бырайыак.

3 истиэпэннээх диплом - Варламова Мотрена Степановна (Төҥүлү ОО), «Оскуолатааҕы музей үлэтин тэрийии».

Номинациялар: «Төрүт үгэһи үйэтитээччи» - Осипова Мария Анатольевна (Хорообут ОО); «Ситиһиилээх проект» - Иванова Любовь Александровна, биология учуутала (Төҥүлү ОО); «Кэскиллээх проект» - Гоголева Лена Дмитриевна, технология, изо, черчение учуутала (Бырама ОО).

Василий Николаевич Сорокин айымньылаах үлэтигэр анаммыт III педагогическай ааҕыылартан учууталлар, кылааһы таһынан дьарык, эбии үөрэхтээһин педагогтара элбэх туһалаах билиини ылынан, салгыы үлэлииргэ саҥа толкуй, сонун санаа эбинэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Слепцова М.С., Төҥүлү орто оскуолатын

саха тылын уонна литературатын учуутала.

Просмотров: 578
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Март 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 73
Гостей: 73
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009