Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Ороссолуода нэһилиэгэ сир быйаҥын оҥорон таһаарар чулуу үлэһит дьонунан биллэр. Кинилэри утумнуур ыччаты олоххо бэлэмниир соруктаах орто оскуола агротехнологическай хайысханы тутуһар. Оҕолор кыра саастарыттан уопуттары оҥороллор, чинчийэр үлэни ыыталлар, үүнээйи араас көрүҥүн үүннэрэллэр, бородууксуйаларын астаан атыыга таһаараллар. Бу хайысханан 24 сыл устата оскуола үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара элбэх ситиһиилээхтэр: тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥкаларыгар, научнай-практическай конференцияларга, идэлэринэн бастыҥнар күрэхтэригэр Ороссолуода орто оскуолата улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар элбэхтэ бастыҥнар кэккэлэригэр ааттанар. А.С. Макаренко аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ уонна «Макаренковскай ааҕыылар» научнай - практическай конференцияҕа оскуола педагогтара кыайыылаах аатын сүкпүттэрэ.
Мин 2013 сыллаахха Ороссолуода орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананан баран академик Афанасий Васильевич Чугунову кытта билсэн, кини сүбэтин-соргутун ылынан таһаарыылаахтык үлэлээбит сылларбын истиҥник ахтабын. Урукку өттүгэр олохтоох хаһаайыстыбаны кытта сибээстэһэн оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктаммыт кэллэктиипкэ сүөһү иитиитин боппуруоһун туруорбуппут. Кэллэктиип өйөбүлүнэн 6 биэни ылан, сыллата төрөтөн сылгы үөрүн тэниппиппит. Бу дьаһалбыт агрооскуола хаһаайыстыба өттүнэн эрэ бөҕөргүүрүгэр буолбакка, оҕону саха төрүт дьарыгар сыһыарыыга, үгэс буолбут сатабыллары иҥэриигэ туһуламмыта. Салгыы төрүт дьарыктары сүтэрбэт инниттэн өрүскэ балыктааһын ньымаларын үөрэтиигэ «Быһыт» бырайыак оҥоһуллан күн бүгүн ситиһиилээхтик үлэлии турар.
Ороссолуода орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлиир сылларбар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Агрооскуолаларын сойууһун үлэтигэр актыыбынайдык кыттыбытым, толорооччу дириэктэр солбуйааччытынан үлэлээбитим. Ол сылларга Афанасий Васильевичтыын чугастыы алтыһан, тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэтии-иитии процеһын тэрийии боппуруостарыгар үгүстүк сүбэлэһэн, кэскиллээх санааларбытын торумнаһан бииргэ үлэлээбиппит. Ытыктыыр киһибит, аҕа сүбэһиппит ыллыктаах этиилэрэ салайааччы быһыытынан үүнэрбэр- сайдарбар, оскуолам үлэтин үрдүк таһымҥа таһаарарбар тирэх буолбуттара. Оскуолабыт ити сылларга өрөспүүбүлүкэ рейтинигэр инники балаһыанньаларга сылдьыбыта, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар агрооскуолалар материальнай-техническэй базаларын тупсарыыга ыыппыт күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан трактор ылбыта, «Макаренковскай ааҕыыларга» кыайан мин «За педагогическую доблесть» мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Афанасий Васильевич бэйэтэ олохтообут «Знак признательности академика Чугунова» бэлиэтин туттарбыта миэхэ, салайааччы киһиэхэ, ордук долгутуулаах этэ.
Күн бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтатын начальнигын быһыытынан агрооскуолаларга ураты болҕомтобун уурабын. Улууспут баһылыга Д.И.Тихонов 7 агрооскуола ыытар үлэтин өйүүр, күүс-көмө буолар. Ыытар үлэбитигэр тирэнэр тирэхпит, кэскиллээх санаабыт академик Афанасий Васильевич Чугунов научнай көрүүлэригэр, оҕону-ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарыы практикатыгар, күннэтэ оҥорор өйөбүлүгэр олоҕурар.
Суккуллар уулардаах, суураллар кумахтаах Суола эбэттэн эҥэрдээх, чээлэй күөх кырыстаах Быһыттаах сайылыктан тардыылаах Мэҥэ-Хаҥаластар киэн туттуубут, тыа хаһаайыстыбатын наукатын корифейэ, тыа сирин патриота, улахан буукубаттан суруллар Учууталбыт, аҕа сүбэһиппит А.В.Чугунов баай ис хоһоонноох олоҕун кэрэ-бэлиэ түгэнинэн - 85 сааһынан итиитик-истинник эҕэрдэлиибин. Кини олоҕун хас биирдии страницата эдэр ыччакка чаҕылхай холобур буолар. Элбэх саха ыччата аатырбыт академикка уһуллан, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата туруктаахтык сайдарыгар кылааттарын киллэрэллэр.
Ыытыллар үлэбит ис хоһоонугар, ситиһиитигэр Афанасий Васильевич Чугунов идеяларын, ыйан-кэрдэн биэрэр ыллыктаах санааларын, научнай-методическай, практическай көмөтүн иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Аҕа сүбэһиппэр кытаанах доруобуйаны, научнай, педагогическай үлэтигэр ситиһиилэри, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын.
Никифоров Николай Лукич,
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига
|