"Кэрэли" кииҥҥэ "Ыал эйгэтэ" тосхол 2022-2023 үөрэх дьылыгар төрөппүт оҕону иитэр кыаҕын үрдэтэригэр көмө буолар сыаллаах дьарыктар үс мастарыскыайынан, "Уйулҕа", "Төрөппүт түһүлгэтэ", "Сатабыл" ситимнээхтик, кэрэхсэбиллээхтик ыытыллаллар.
Ахсынньы 8 күнүгэр “Олох суруллубатах сокуоннара” диэн тиэмэлээх дьарыгы "Дьолун бэйэн илиигэр" уйулҕа мастарыскыайын салайааччыта, уйулҕаһыт Слободчикова Н.И. ыытта. Бу дьарыкка төрөппүттэр киһи ис туругун бэйэтэ хайдах салайыныан сөбүй, киһи ис кыаҕа муҥура суох диэн өйдөбүлү дириҥээн ырытыстылар. Биодинамика "Сүрүнү булуу" диэн ньыматынан киһи бэйэтин ортотун буларыгар туһулаан үлэлээтилэр. Төрөппүттэр, ыалга ийэ холку туруктаах, чиҥ сүрүннээх буоллаҕына, дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолар эбит диэн түмүккэ кэллилэр.
“Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ
|