|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2018 » Декабрь » 10 » VII төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Неустроевскай ааҕыылар
14:22
VII төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Неустроевскай ааҕыылар

“Норуот педагогиката оҕону иитэр уонна сайыннарар төрүттэрэ” диэн педагогическай наука доктора, профессор, АПСН академига, СР наукатын үтүөлээх деятелэ, СР норуот педагогикатын ассоциациятын президенэ Николай Дмитриевич Неустроев аатынан сэттис төгүлүн ыытыллар  улуустааҕы ааҕыылары ахсынньы 7 күнүгэр Бэдьимэ орто оскуолатын коллектива бэрт тэрээһиннээхтик ыытта.

Ааҕыылар сыаллара, соруктара:

  1. Норуот педагогикатын олоҕу сүрүннүүр, омугу сомоҕолуур, иитэр, такайар күүһүн ыччакка, төрөппүккэ тиэрдии.
  2. Үөрэнээччилэр, педагогтар, төрөппүттэр научнай- чинчийэр үлэлэрин көҕүлээһин.

Сахалыы тыыннаах оскуола быһыытынан, сарсыарда ыалдьыттары арыылаах алаадьынан төрөппүт комитета, кулууп үлэһиттэрэ айах тутан көрүстүлэр. Иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Попова Е.Н. тэрээһин хаамыытын уонна эскпертэри билиһиннэрдэ, бүгүҥҥү күҥҥэ ситиһиилээх үлэни баҕарда.

1 секция: “Ыал – олох төрдө”.

Экспертар: Колпакова А.П., доцент кафедры педагогики ПИ СВФУ; Попова Р.Н. баьылык солбуйааччы, Неустроева Е.В. соцпедагог.

11 дакылаат дьүүллэннэ. Бары да оҕону дьиэ кэргэҥҥэ  иитиигэ улахан болҕомтону уураллара көһүннэ. Үлэнэн, бэйэ холобурунан иитии билигин да актуальнайын дакаастаатылар. Оҕону кытта кэпсэтии, бииргэ алтыһыы улахан суолталааҕын эттилэр.  Ол курдук, Петрова М.Ф.(Дьабыыл) темата “О5о иитиитигэр уруу-аймах суолтата”, Игнатьева Т.В.(Хаптагай) темата: “О5ону дьиэ кэргэннэ улэ5э уьуйуу”, Гаврильева М.В(Тиэлиги) темата: “Дьиэ кэргэннэ кыыс о5ону иитии”, Борисова А.А. (Тыыллыма)темата: “Здоровьесберегающая среда в семье” дипломнары тутан уердулэр. Муҥутуур кыайыылааҕынан уонна мэтээлинэн наҕараадаланна Кириллина Р.В.(Тыыллыма) “Ийэ5э сквер” проекгынан.

2 секция: “Аныгы кэм сахалыы тыыннаах оскуолата”.

Экспертар: Николай Дмитриевич Неустроев; улуус управлениетын главнай специалиһа  Сидорова Т.В.; нуучча тылын учуутала Иванова В.П.

Бастатан туран, үөрэх управлениетын аатыттан бары кыттааччылары, быйыл 75 сааһын туолбут Николай Дмитриевич Неустроевы бу тэрээһининэн истиҥник эҕэрдэлээтэ, махтал тылларын эттэ,айымньылаах үлэни баҕарда. Секцияҕа10 дакылаат киирбит. Дипломнары туттулар: Егоров Г.А., (Балыктах, “Алаас кыьата” проект), Егорова Е.П.(Тыыллыма, “Норуот иитэр угэстэрин аныгы оскуола5а”), Тиэлиги орто оскуолатын коллектива “Сахалыы тыыннаах оскуола”, Захарова К.К.(Бэдьимэ) темата:  “Тыа сирин оскуолатыгар “Дьо5ур” хамсааьын суолтата”.

Лауреат аатын Федорова Л.В.(Павловск) “Сахалыы тыыннаах чэппиэр” диэн дакылаатынан ылыан ылла.

3 секция: “Эбии үөрэхтээһин эйгэтэ”.

Экспертар: Баишева Е.С.эбии уерэхтээһин киинин  методиһа, СКИЦ директора Ходулов А.П.; нуучча тылын учуутала Санникова Е.Д.

Дьүүллүүр сүбэ дакылааттары барыларын сэргээбит.10 үлэни истибиттэр.Дипломнарынан Попова У.И(Бэдьимэ,  “Алтан чуорааны чугдаардан”), Дмитриев В.Н.(Павловскай, “Новые подходы к традиционным видам ремесла”),Попов П.Г(Майа, “Организация авиамодельного кружка”), Варламова М.С(Төҥүлү,“Музей – уерэтии-иитии тэрдэ”) наҕараадаланнылар.Муҥутуур кыайыылааҕынан Попова Е.Н. (Бэдьимэ, “Уьуйаан”) буолла.

4 секция: “Уол оҕо кэскилбит, эр киһи эрэлбит.”

Экспертар: Үөрэх управлениетын специалиһа Петров Н.А., оскуола директора Андросов П.В.; олохтоох “Добун” эр тумсуу салайааччыта Атласов Н.В.

Секцияҕа 9 дакылааты истибиттэр. Уол оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллара биһирэннэ.  Николаева Н.В(Павловск, “Кыыс уонна уол о5ону иитии уратылара”), Плюк И.Н(Бэдьимэ, “Роль ВПК “Дохсун” в воспитании учащихся к патриотизму”), Егоров Г.А.(Балыктах, “Уол о5ону бултка уьуйуу”), Баягантаева В.Н(Төҥүлү, “А5ам суолунан”) дакылааттара дипломнарынан, оттон  Эверстов В.С(Төҥүлү) “Уол о5ону иитиигэ кыьынны похуот суолтата” дакылаатынан лауреат үрдүк ааты ылары ситистэ.

5 секция: “История,краеведение”

Экспертар: улуус музейын научнай сотруднига Эверстов А.В.; олохтоох дьаһалта баһылыга Баишев Ф.К.; уерэтэр улэ5э солбуйааччы Харитонова Л.С.

25 дакылаат киирбит.

Кэлэр өттүгэр источниктарга, о.э туттуллубут литератураларга, үлэ практическай чааһыгар болҕомтону ууруохха наадатын этэн туран, кыайыылаахтары ааттаталаата, дипломнары туттарда.

Дипломнары ыллылар:

Шестаков Ваня, Тенулу орто оскуолатын 10 кл. уэрэнээчччитэ, доклад темата: “Кыьынны похуоттар. Велопохуот”. 

  • Гаврильев Айтал, Тиэлиги орто оскуолатын 7 кл. , темата: “Бастын механизатор – Сивцев И.И.”. 
  • Терентьева Арина, Хаптагай орто оскуолатын 6 кл., темата: “Макет села Хаптагай как дидактическое пособие”.
  • Федоров Арсен, Нееруктээйи орто оскуолатын 7 кл., “Что символизируют изображения животных в  гербах улусов”.
  • Муҥутуур кыайыылааҕынан бу секцияҕа Романов Вася, Бэдьимэ орто оскуолатын 11 кл., “Аатырбыт артыыс блокнота – история чахчыта” диэн теманан лауреат үрдүк аатын ылла, мэтээлинэн бэлиэтэннэ.

Онон улуус 11оскуолатыттан, 65 дакылаат ааҕылынна. Муҥутуур кыайыылаахтар грамоталары уонна өйдөбүнньүк мэтээллэри Николай Дмитриевич Неустроев бэйэтин илиититтэн тутан  сүрдээҕин үөрдүлэр, долгуйдулар.

Тэрээһин Николай Дмитриевич 75 сылыгар анаммыт буолан, олохтоох оскуола директора Андросов П.В, олохтоох дьаһалта баһылыга Баишев Ф.К, “Чуораанчык” детсад старшай методиһа Филиппова М.С,В.В. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыттан Бурнашева Т.А.эҕэрдэ тылларын эттилэр, махтал суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Оттон Николай Дмитриевич бэйэтэ улуус ааҕыыларын тэрийбит оскуола коллективыгар, улуустааҕы үөрэх управлениетыгар истиҥник махтанан туран, ситиһиилэри баҕарда уонна бэйэтин аатыттан өйдөбүнньүк статуэткалары, махтал суруктары туттарда.

Тэрээһини детсад иитиллээччилэрэ, оскуола оҕолоро музыкальнай нүөмэрдэринэн киэргэттилэр, “Дьөһүөл” проект чэрчитинэн, олохтоохтор оноһуктара тардылынна.

2019 сылга оскуолабыт 70 сыллаах юбилейа буоларынан, ааҕыылары эһиил эмиэ ыытарга былааннаатылар.

Яковлева М.Д. Бэдьимэ.

Просмотров: 982
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Декабрь 2018  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 18
Гостей: 17
Пользователей: 1
Zelenaxcx
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009