Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, биир дойдулаахпыт ФЕДОР КУЗЬМИЧ ПОПОВ Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Днепр өрүһү туорааһыҥҥа уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбутун иһин Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ 80 сылын туолла. 1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Президиумун Ыйааҕынан красноармеец Федор Кузьмич Поповка Ийэ дойдутун туһугар уһулуччу хорсун быhыыны оҥорбутун, геройдуу быһыытын иһин Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Бу патриотическай улахан суолталаах түгэни В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата араас тэрээһиннэри ыытан киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтэ. Ол курдук хас нэдиэлэ аайы ыытыллар үөрүүлээх линиэйкэ сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов сырдык аатыгар ананан ыытылынна. Үөрүүлээх линиэйкэҕэ ССРС Знамятын Федор Кузьмич Попов хаан-уруу аймахтара, сыдьааннара тутан киллэрдилэр: сиэн балта Винокурова Сандаара 6 “в” кылаас үөрэнээччитэ, сиэн бырааттара: Скрябин Саян 7 “б”, Сергучев Стас 7 “в”, Скрябин Айтал 7 ”в”, Бащиков Ваня 9 “в”, Сыроватский Эрсан 11 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ, Федор Кузьмич бииргэ төрөөбүт балтын сиэн кыыһа Сергучева Луиза 11 “б” кылаас үөрэнээччитэ.
Юнармия знамятын оскуола патриотическай хайысхалаах юнармейскай кылааһын үөрэнээччилэрэ: Романов Алеша, 2 “в” кылаас үөрэнээччитэ. Алеша бииргэ төрөөбүт убайа Никита Егорович Захаров анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа. Колосов Давыд, 2 “в” кылаас үөрэнээччитэ. Давыд аҕата Колесов Гаврил Гаврильевич анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа. Местников Вова, 6 “б” кылаас үөрэнээччитэ. Вова таайа Игорь Прокопьевич Говоров анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа. Колесов Айаал, 6 “б” кылаас үөрэнээччитэ. Айаал убайдара Дмитрий Дмитриевич Никифоров, Семен Николаевич Марков анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара. Бурнашева Ньургустаана 11 “б” кылаас үөрэнээччитэ. Ньургустаана аҕата Василий Степанович анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа. Оскуола «Беркут» байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ строевой смотрга сатабылларын көрдүлэр.
Күн устата Федор Кузьмич Попов олоҕун кэрдиис кэмнэрин кэпсиир радио, телевизорга Сахафильм таһаарбыт «Биһиги Сүөдэрбит” киинэ көһүннэ. 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» биир додйулаахпыт Федор Кузьмич Попов хорсун быһыытын сиһилии кылаас чаастарыгар кэпсэттилэр, ырытыстылар. 6 «б» кылаас чааһын (сал. Дмитриева С.М.) ыҥырыылаах ыалдьытынан Заровняева-Стручкова Людмила Ивановна, оскуола попечителэ, Майа бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ ыалдьыттаата. Людмила Ивановна оҕолорго Федор Кузьмич Попов көмүс уҥуоҕар Белоруссияҕа сылдьыбытын кэпсээтэ.
2 «в» кылаас юнармейскай «Толлуман» этэрээтин үөрэнээччилэрэ (сал. Семенова П.В.), төрөппүттэрин кытары Федор Кузьмич Попов пааматынньыгын хаарын ыраастаатылар. Оҕолор тымныыны тымныы диэбэккэ ис сүрэхтэн дьаныһан туран үлэлээн үтүө дьыаланы оҥордулар. 5-8 кыл. үөрэнээччилэригэр Герой Федор Кузьмич Попов сырдык олоҕун, бойобуой суолун боппуруостарынан брейн-ринг оонньуу күрэх буолан ааста.
Ити курдук, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Поповка Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ 80 сыла туолар күнүн үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ.
|