Кулун тутар 4 күнүгэр Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин көҕүлээһининэн улууска уһуйаан үлэһиттэрин икки ардыларыгар олоҥхо толоруутугар «Уруйдан олоҥхо оһуордаах тыла» күрэҕэр 47 киһи кыттыыны ылла.
Дьүүллүүр сүбэ:
- Жюри председателэ Слепцова Анастасия Ивановна, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Учитель ученических призваний» бэлиэ хаһаайката, Саха тылын учууталларын иккис съезтэрин кыттыылааҕа.
- Пахомова Наталья Гаврильевна – Мэҥэ-Хаҥалас культуратын уонна духуобунай сайдыытын салалтатын культурнай тэрийээччитэ.
- Брызгалова Александра Семеновна “Кэскил” киин логопед учуутала
Күрэҕи эҕэрдэ нүөмэрдэр киэргэттилэр, ол курдук Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Хара уонна Майа нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин ытык кырдьаҕаһа Евдокия Петровна Семенова салайааччылаах «Айыллыат» түмсүү Василий Осипович Каратаев “Модун Эр соҕотох” олоҥхону, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Учитель ученических призваний» бэлиэ хаһаайката, Саха тылын учууталларын иккис съезтэрин кыттыылааҕа Слепцова Анастасия Ивановна салайааччылаах Жирков Айдын, Иннокентий Степанов - Ноорой, «Күн Эрили» уонна Жирков Дархан «Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан толоруулара, мустубут кыттааччылары кэрэхсэттилэр.
Кыттааччылар:
- «Мичил» оҕону сайыннарар киин үлэһиттэрин толоруутугар Николай Абрамов – Кынат, «Нургун Бөҕө» олоҥхоттон быһа тардыы. Салайааччы Иванова Евдокия Петровна.
- Төхтүрдээҕи «Мичил» уһуйаан, «Ситим» айар бөлөҕүн толоруутугар Иннокентий Бурнашев, “Сылгы уола Дыырай Бөҕө”. Салайааччы Айталина Николаевна Верховцева.
- Айталина Николаева, Төхтүрдээҕи «Мичил» уһуйаан иитээччитин толоруутугар Билгэ Игнатьев, «Кэхтэри билбэтэх Уолан Эрилик».
- «Сардаана» оҕону сайыннарар киин үлэһиттэрин толоруутугар Станислав Иванов, «Хара Буурай аттаах хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы. Салайааччылар Щестакова Туяра Андреевна, Сидорова Юриана Семеновна.
- Уварова Мария Николаевна, “Чэчир” Бүтэйдээхтээҕи оҕону сайыннарар киин иитээччитин толоруутугар Сергей Васильев, «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыы.
- Төҥүлүтээҕи “Олимпионик” уһуйаан толоруутугар Реас Алексеевич Кулаковскай, «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» олоҥхоттон быһа тардыы. Салайааччы Сидорова Марфа Ивановна.
- А.А. Пахомов аатынан Телиги орто оскуолатын уһуйаанын үлэһиттэрин толоруутугар «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр», П.Е. Решетников –Көһөнө Бүөтүр олоҥхотуттан быһа тардыы.
Күрэх түмүгүнэн Анал ааттар:
- “Итэҕэтиилээх хоһуйааччылар” Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин
- “Иэйиилээхтик тойуктааччылар” Төхтүрдээҕи “Мичил” оҕону сайыннарар киин «Ситим» бөлөх.
- “Тэтимнээхтик толорооччулар” Майатааҕы “Мичил” А.Е.Зыкова аатынан оҕону сайыннарар киин
- “Дорҕоонноох толорооччулар” Төҥүлүтээҕи “Олимпионик” оҕону сайыннарар киин
- “Кэскиллээх этээччилэр” Тиэлигитээҕи А.А.Похомов аатынан оскуола саада
- “Умсугутуулаах толорооччу” Бүтэйдээх “Чэчир” оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Уварова Мария
- “Кэрэхсэбиллээх кэпсээччи” Төхтүрдээҕи “Мичил” оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Айталина Верховцева
|