Балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Майа лицейигэр Паралимпийскай оонньуулар кыайыылаҕа Анастасия Диодорова ыалдьыттаата.
Чулуу спортсменканы көрсөөрү, ыйытыктарыгар хоруй ылаары оҕолор, учууталлар мунньустубуттара. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт өр күүттэрбэккэ тиийэн кэлбиттэрэ. Анастасияны кытары чугас дьоно уонна кинини өрүү арыаллыыр, ийэтэ Людмила Николаевна кэлбиттэрэ.
Анастасия Алексеевна оҕолорго бэйэтин тус олоҕун, хайдах саҕалаабытын сиһилии кэпсээбитэ. О±олор боппуруостарыгар эппиэттээбитэ. Кылаас коллективтарын кытары уопсай хаартыскаҕа түһүү буолбута. Бэлиэ түгэни мүччү куоттарбакка, Анастасияттан кылгас интервью ылбыппыт.
- Бастатан туран биһиги оскуолабытыгар ыалдьыттыы кэлбиккитигэр барҕа махтал! Эһиги Саха сиригэр, бүтүн Арассыыйа олохтоохторугар, эдэр ыччаттарыгар улахан эрэл бэлэхтээбит буолуохтааххыт. Ол курдук туохтан саҕалаабыккытый?
- Миэхэ быраастар эппиттэрэ, спордунан дьарыктанан саҕалаа диэн. Оттон спорт да буолбакка, физическай культура бэйэҕэр эт-хаан өттүнэн ордук туһалаах. Оҕолор, бары спордунан дьарыктаныҥ, физкультураттан босхоломмуттар эмиэ дьарыктаныҥ диэн сүбэлиибин. “Движение-это жизнь”, бу фразаны бэйэбит айбатахпыт, уруккуттан баар, мээнэҕэ этиллибэтэх буолуохтаах. Киһи хамныырын түмүгэр сайдыы кэлэр.
- Билиҥҥи үйэҕэ бары интернеты баһылаабыт буолуохтаахпыт. Эһиги инстаграмҥытынан көрдөхпүтүнэ, араас куораттарынан, дойдуларынан күрэхтэргэ, дьону кытары алтыһаары, билсээри элбэхтик айанныыгыт. Оннук тэтимнээх кэмнэри дуу, эбэтэр чуумпу дьиэ кэргэҥҥин кытары атаарар куннэрин ордуктар дуу?
- Мин үөрэнэн хаалбыппын, маннык сылдьарбын. Наар миэстэбин уларытар буоламмын, биир сиргэ хаайтаран олордохпуна, салгын тиийбэт курдук буолар. Ол иһин киһи барытыгар үөрэнэр. Үчүгэйдик сааһыланан сырыттаххына, барыны-барытын ситиһэҕин.
- Дьарыккар элбэх тренердэргэ дьарыктанан кэллэххит дии. Ол курдук Саха сирин уонна омук сирин тренердэрэ уратылара туохха сытарый?
- Дьиҥинэн бу харбааһын программата наьаа атын буолбатах. Ол гынан баран, дьарыкка сыһыана туһунан буолар. Хас биирдии тренер бэйэтин санаатын киллэрэр буоллаҕа дии, спортсменнарыгар. Холобур, билигин дьарыктана сылдьар тренерым 100% үлэни ирдиир. Хас биирдии дьарык аайы мотивациялыыр, эрэл киллэрэр. Оттон сорох тренердар соруйан кыыһырда сатыыллар. Дьиҥинэн, хас биирдии оҕоҕо, киһиэхэ тус туһунан сыһыан баар буолуохтаах. Холобур, мин билиҥҥи тренерим ордук, кинини көрө-көрөбүн иннин диэки баран иһиэхпин баҕарабын.
Бу көрсүһүү Майа лицейын үөрэнээччилэригэр бэйэҕэ күүстээх эрэли бэлэхтээбит буолуохтаах.
Филатова Лиза, Майя лицейын 11-2 кл
Умнуллубат түгэн
Бүгүн биhиги лицейбитигэр Анастасия Диодорова ыалдьыттаата.Кини биhиги биир дойдулаахпыт буолар. Көрсүhүү олус истиҥник ааста.Оҕолуун учууталлыын бары сэргээн иhиттибит. Кини олус хорсун, үтүө санаалаах кыыс эбит. Үчүгэйгэ, үрдүккэ эрэ талаhар. Биhиги кининэн киэн туттабыт. Назарова Настя
- Настя сыалын туруорунан ситиhиилээх буоларын сэргээтим. Сорук туруорунарга сүбэлэри ыллым. Спиридонова Олеся
- Настя курдук киhини көрсөн баран тугу эрэ гыныах санаа киирэн кэлэр эбит. Дьарыктаах буолуохпун баҕардым. Оннук курдук киhини үрдүккэ кынаттыыр талааннаах эбит. Сергучев Игорь
- Настя Диодорова параолимпиада призера эбит. Кини күүстээх санаалаах буолан элбэҕи ситиспит. “Эйиэхэ төhө да ыарахан буоллун? бэйэҥ сыалгын ситиhиэхтээххин, баҕа санааҕын толоруохтааххын...” диэбитэ өйбөр иҥэн хаалла. Оконешникова Катя
- Бүгүҥҥү үтүө күҥҥэ убаастабыллаах биир дойдулаахпытын, параолимпийскай оонньуулар кыайыылаахтарын Анастасия Диодорованы кытта билистим. Кини биhиэхэ бэйэтин туhунан кэпсээтэ. Киhи сөҕөрө тохтообокко сыал-сорук туруорунан кыайыыны ситиhэрэ. Бириэмэни харыстыырга сүбэ биэрдэ. Төhө да үрдүк үөрэхтээҕин иhин дьарыктанан барытын ситиhэр эбит. Платонов Боря
- Дьиэ кэргэнин көмөтүнэн кини ууhут буолбут, сүрдээҕин махтанар. Мин соhуйбутум диэн инбэлииттэр хайдах курдук ууга харбыылларын көрөн, дьон кыаҕа, баҕата күүстээҕин сөхпүтүм. Улахан баҕаҕын толорорго ыараханы барытын тулуйуоххун наада эбит диэн саныыбын. Настяҕа бары үчүгэйи, ситиhиини баҕарабын. Пахомов Ваня
- Настя бэйэтин оло5ун, хайдах үөрэммитин, хаhан ууга харбааhынынан дьарыктаммытын туhунан сиhилии сахалыы тылынан кэпсээтэ. Бу көрсүhүүттэн киhи ыарахаттары ааhан, сыалын ситиhиэхтээх диэн эбит диэн быhаардым. Максимова Айыына
- Анастасия Диодорова Российскай Федерациятын спордун үтүөлээх маастара, Пекиҥҥэ буолбут параолимпиада үрүҥ көмүс призера. Кини 5 сааһыттан саҕалаан харбааһыҥҥа дьарыктаммыт. 13 сааһыгар Россия сборнай хамаандатыгар киирбит. Киһи кининэн киэн туттар. Хас биирдии киһи, төһө да кыһалҕалаах буоллун, наар сырдыкка, үрдүккэ талаһыахтаах. Кини ис дууһата күүстээх эбит. Степанова Юлиана
- Настя олоҕо кыһалҕалаахтык саҕаламмыт да буоллар, ис дууһатынан ыраас буолан ыалдьары тулуйбут. Икки үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, физико-математическай хайысхалаах оскуолаҕа үөрэммит. Кини миэхэ умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларда. Михайлова Илона
- Анастасия бэйэтэ сэмэй, бэһиэлэй кыыс эбит. Биһиэхэ тугунан дьарыктаммытын, тугу сөбүлүүрүн кэпсээн элбэҕи сүбэлээтэ. Билюкина Яна
- Анастасия билиилээх, үчүгэй санаалаах киһи эбит. Кини туһунан телевизорынан көрөн, хаһыаты ааҕан билэр этим. Кини соруктаах буолуохха наадатын туһунан эппитин сүрэхпэр чугастык ылынным. Егорова Муся
- Анастасия элбэх киһиэхэ холобур буолар. Кини бэйэтин баҕа санаатын толороругар күүстээх санаата, дьулуура көмөлөспүт. Брызгалова Вера
- Анастасия Диодорова кэпсээнин истэммин олус астынным. Кини сарсыарда 5 чааска туран 6.30 диэри сүүрэр эбит. Билигин ким да итинник дьарыктаммата буолуо. Кини оҕолорго холобур буолар. Кэлэн ыалдьыттаабытыгар улаханнык махтанабын. Явловский Ярик
- Анастасия олус элэккэй, сэмэй кыыс эбит. Ол да буоллар олус күүстээх санаалаах. 13 сааһыгар Россия сборнай хамаандатыгар киирбит уонна күүскэ дьарыктаммыт. Күҥҥэ иккитэ дьарыктанар эбит: сарсыарда уонна киэһэ, инньэ гынан дьиэтигэр 8-9 чааска тиийэр эбит. Инникитин Анастасия Диодороваҕа үрдүк ситиһиилэри! Попов Юлиан
- Анастасия “санааҕытын түһэримэҥ” диэн сыал-сорук туруорунарга сүбэ биэрдэ. Георгий Стрекаловскай
- Кини олоххо дьулуура, тулуура, баҕата сөхтөрдө. Үөрэххэ тардыһыытын кэпсээтэ. Хайдах ийэлээх аҕата көмөлөспүттэрин... Матвеев Валентин
- Настя бэйэтин төрөөбүт тылынан дьиҥ сахалыы чуолкайдык саҥарбыта болҕомтобун тарта. Кини төһө да ыарахан буоллар, бэйэтин туруоруммут сыалын ситиспит, баҕа санаатын толорбут кыыс. Кини элбэх оҕоҕо холобур буолар. Винокурова Туйаара
- Бүгүн биһиги лицейбит олус элэккэй, үтүө майгылаах, күүстээх санаалаах спортсмен кыыһы Анастасия Диодорованы кытта көрүстэ. Кинини кытта көрсүһүү миэхэ тус бэйэбэр үчүгэй санааны хаалларда. Дьоно кинини оҕо тэҥинэн иитэннэр оскуоланы, икки үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбит. Араас ыарахаттары тулуйан этэҥҥэ аһарбыт. Онон олоххо, сырдыкка тардыһыыта элбэх киһиэхэ холобур буолуохтаах. Кинини кытта көрсүбүппүттэн үөрэбин уонна киэн туттабын. Егорова Алина
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейин 9-1 кылааһын үөрэнээччилэрин санаалара.
|