Муус устар 6 күнүгэр, Нөөрүктээйи нэһилиэгин В.Н. Оконешников аатынан үөрэх кыһатыгар, улуустааҕы аһаҕас "Ыал харааныгар" диэн аатаах төрөппүт сугулаана ыытылынна.
Бу тэрээһин СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитигэр, "Знание" уопсастыба лиэктэригэр, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнигэр Любовь Семеновна Аргунова 80 сааһыгар ананна. Манна улууспут уһуйааннарын, оскуолаларын салайааччылара, педагогтара, төрөппүттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр кэлэн кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥаарыгар үөрүүлээх арыллыы кэнниттэн биэс былаһаакканан арахсан, Любовь Семеновна кинигэтигэр олоҕуран "Оҕо дьоло дьиэ кэргэҥҥэ түстэнэр: ыал эйгэтэ - олоҕо, отуора, тускута", "Оҕом оҕотун дьолун түстэһэбин", "Чэгиэн оҕо - төрөппүт дьоло: оҕо сайдыытын сааһынан эркээйилээһин", "Ааҕыы - ыал сайдар дьарыга", "Уол оҕо, эр киһи, ыал аҕа баһылыга - дьиэ кэргэн дьолун тирэҕэ" диэн түһүмэхтэринэн аттарыллан сүбэ мунньах ыытылынна.
Былаһааккаларга Афанасий, Саргылана Николаевтар "Үүнүү" киһи сайдыытын институтун түсчүттэрэ, Любовь Аргунова, ыал хараанньыта, Евдокия Герасимова, "Мин эйгэбин" педагогическэй мастарыскыай түсчүтэ, Туйаара Шергина, п.н.к. ХИФУ пед.интситутун доцена, Алина Кожурова, п.н.к. ХИФУ пед.интситутун доцена, Нина Слободчикова, "Кэрэли" эбии үөрэхтээһин киин педагог-психолога, Татьяна Жиркова, норуот педагогикатын лабораториятын салайааччыта, Мария Филиппова, «Эрилик» хамсааһын салайааччыта, Семен Иванов, бүтүн Арассыыйатааҕы нац. төрөппүт ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, Иван Кондаков, СӨ Ил Дарханын иһинэн төрөппүт кэмитиэтин кыттыылааҕа үлэлээтилэр.
Күн иккис аҥаарыгар "Сайдыы саҥа үктэллэринэн" диэн ааттаах уопсай лиэксийэни Саргылана-Тубсаана, Афанасий Николаевтар иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ол кэннэ, оскуола аактабай саалатыгар "Ыал дьолун араҥаччылаан" дьиэ кэргэн хараанньыта Любовь Семеновна Аргунова 80 сааһыгар аналлаах дьоро түһүлгэ тэрилиннэ.
|