Бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 26 күнүттэн 29 күнүгэр диэри улуустааҕы учебно-полевой сбор саҕаланна.
Быйыл сбор И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын базатыгар ыытыллар. Уопсайа улуус 25 оскуолаларыттан 125 онус кылаас уолаттара кыттыыны ылаллар. Сбор начальнига кадетскай корпус майора Нестерев А.А., штаб начальнига Васильев П.В.
4 күннээх учебно-полевой сборга ОБЖ предметин иһинэн үөрэтиллэр «Основы воинской службы» учебнай программа практическай чааһын быһыытынан ыытыллар. Сбор кэмигэр уолаттар кылгас юнармеец үөрэҕин барыахтара. Воинскай Уставы толоруу, строевой хаамыы, тактическай подготовка, казармаҕа олоруу уо.д.а киирэллэр.
Сбор түмүгүнэн үөрэнээччилэргэ анал удостоверение туттарыллар.
Тарасов Н.П., иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын кыл. испэсэлииһэ
|