|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Апрель » 20 » УЛУУСТААҔЫ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭР НАУЧНАЙ-ПРАКТИЧЕСКАЙ КОНФЕРЕНЦИЯЛАРЫН ТҮМҮГЭ
14:11
УЛУУСТААҔЫ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭР НАУЧНАЙ-ПРАКТИЧЕСКАЙ КОНФЕРЕНЦИЯЛАРЫН ТҮМҮГЭ

Муус устар 19 күнүгэр Майаҕа Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын уонна Улуустааҕы краеведческай музей тэрийиилэринэн Улуу Кыайыы 79 сылыгар уонна сэрии ветераннарын сырдык ааттарыгар ананан үөрэнээччилэр научнай-практическай конференциялара ыытылынна.

Конференцияҕа улуус 18 оскуолаларыттан барыта 37 үөрэнээччи кыттыыны ыллылар. Үөрэнээччилэр биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн биир дойдулаахтарын, Аҕа Дойду Улуу сэриитин ветераннарын бойобуой суолларын уонна олорбут олохторун чинчийэр-көрдүүр үлэлэри ыытан, үөрэтэн, ыытыллыбыт үлэлэрин түмүгүнэн конференцияҕа дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэрии оҥордулар. Оҕолор үлэлэригэр байыаннай уонна патриотическай сайтар, кинигэлэр, хаһыаттар уонна историческай матырыйааллары туһаммыттар. Хос  эһэлэрин, эһэлэрин уонна чугас аймахтарын бойобуой наҕараадаларын, фронтан суруйбут суруктарын уо.д.а  дьиэ кэргэн архыыптарын матырыйаалларын аҕалан көрдөрөн кэпсээтилэр. Сэрии ветераннарын туһунан альбом-рапорт уонна өйдөбүнньүк альбом кыһамньылаахтык оҥорон Улуустааҕы краеведческай музейга бэлэх быһыытынан туттардылар.

Конференция уопсай түмүгүнэн бастыҥ үлэлээхтэринэн ааттаннылар уонна дипломнарынан наҕараадаланнылар:

Лауреат дипломнарынан

  • Ченянова Алина, 10 кл. Матта орто оскуолата.

Салайааччы: Ченянова А.Н., история уонна обществознание учуутала;

Тема: “ Мин дьиэ кэргэним сэрии сылларыгар”;

  • Попов Алгыс, 8 класс Төхтүр орто оскуолата.

Салайааччылар: Борисова С.В., эбии үөрэх педагога, Тарабукина Д.Е., музей салайааччыта;

Тема: “Солдат Победы Дмитриев С.М.”.

  • Морук орто оскуолатын “Эрэл” поисковой командата (Павлова Галя, 9 класс, Лобанова Тома, Окорокова Аина, 5 класстар).

Салайааччылар: Егорова Т.Д. уонна научнай руководитель Апросимов А.М., литературнай музей директора;

Тема: “Военнопленные воины-якутяне из Морукского наслега в канцлагерях в годы Великой Отечественной войны.

I степеннээх дипломнарынан

  • Слепцова Сардаана, 10 класс Төҥүлү орто оскуолата.

Салайааччы: Тихонова С.А., дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы;

Тема “Төҥүлү бастакы онустара”;

  • Птицын Ньургун, 10 класс Тумул орто оскуолата.

Салайааччы Титова Л.Д., библиотекарь;

Тема “Албан ааттаах хос эһээлэрбит”

  • Бэдьимэ орто оскуолатын 8 кылааһын коллектива.

Салайааччы: Иванова В.П., нуучча тылын уонна литературатын учуутала;

Тема: “Реставрация памятника братьям Поповым, героически павших в период Великой Отечественной войны”.

II степеннээх дипломнарынан

  • Гоголева Вика, Бүтэйдээх орто оскуолата.

Салайааччы: Васильева Е.Т., библиотекарь;

Тема: “Биэс бырааттыы Скрябиннар”;

  • Колосов Тимур, 6 б класс Аллараа Бэстээх М.Е. Попов аатынан орто оскуола;

Салайааччы: Пинигина А.Н. нууча тылын уонна литературатын учуутала;

Тема: “О боевом пути и драматической судьбе моих прадедов и их родных во время Великой Отечественной войны 1941-1945 гг”;

  • Максимова Айыына, 9-2 класс Майатааҕы лицей.

Салайааччы: Иосифова М.М., нуучча тылын уонна литературатын учуутала;

Тема: “Моя семья в Великой Отечественной войне”;

  • Романова Варвара, 11 класс Майа В.П. Ларионов аатынан орто оскуола.

Салайааччы: Семенова М.Н., саха тылын уонна литературатын учуутала;

Тема: “Кыайыыны уһансыбыт дьоммут”;

  • Слободчиков Булат, 7 класс Хаптаҕай орто оскуолата.

Салайааччылар, СлободчиковаМ.М., музей салайааччыта, Колесова АА, төрүт культура учуутала.

Тема: “Ини-бии Кострамыкиннар Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр”.

III степеннээх дипломнарынан

  • Романов Урсун, 8 класс Дьабыыл орто оскуолата.

Салайааччы: Жиркова Нь.А., дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы;

Тема: “Данил Ильич Попов – биһиги холобур оҥостор киһибит”;

  • Федоров Никита, 6 класс Баатара орто оскуолата.

Салайааччы: Попов А.А.;

Тема: “Учитель воин Степан Кузьмич Макаров – якутский Маресьев”;

  • Сидорова Оксана, 5 класс Наахара орто оскуолата.

Салайааччы: Ларионова Н.С., история учуутала;

Тема: “На защите Ленинграда (учитель-воин Сидоров Гаврил Яковлевич)”;

  • Игнатьева Милена, 7 класс Тыыллыма орто оскуолата.

Салайааччы: Егорова Е.П., нуучча тылын уонна литературатын учуутала, музей салайааччыта;

Тема: “Ефремов Алексей Афанасьевич Москва куораты көмүскээһиҥҥэ хорсун быһыыта”;

  • Егорова Каролина, Хорообут орто оскуолата.

Салайааччы: Васильева О.Е., директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы;

Тема: “Ветеран Великой Отечественной войны Бугаев Егор Прокопьевич”

  • Федоров Мичийэ, 6 класс Рассолода орто оскуолата;

Салайааччы: Степанова А.С.;

Тема: “Сэрии бэтэрээнэ Григорьев Николай Павлович”;

  • Бырама ситэтэ суох орто оскуолатын 5-6 кылааһын коллективнай бырайыага.

Салайааччылар: Смолина А.С., 6 класс, Гаврильева С.В., 5 класс салайааччылара;

Тема: “9 славных дел ко Дню Победы”.

 

Просмотров: 224
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Апрель 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009