|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Ноябрь » 7 » Улуустааҕы оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “ИдэБил-2024” чемпионат
18:18
Улуустааҕы оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “ИдэБил-2024” чемпионат

Cэтинньи 6-7 күннэригэр «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтата» уонна Майатааҕы “Кэнчээри”оҕону сайыннарар киин тэрийэн ыытар, быйыл алтыс төгүлүн ыытыллар, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “ИдэБил” чемпионат буолан ааста.

Чемпионат сүрүн сыала: оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору урутаан идэҕэ туһаайан иитии, дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору булуу уонна өйөөһүн буолар. 6-с чемпионат уларыйыылаах буолла, ол курдук: урукку өттүгэр КМО-ттан компетенция аайы кыайыылаах оҕолор кыттар буоллахтарына, быйыл оҕолор бэйэлэрин уһуйааннарыттан кэтэхтэн сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан, 8 компетенциянан 8-11 оҕо түмүктүүр түһүмэххэ кэлэн кытыннылар. Компетенциялары сыл ахсын эбэн уларытан иһэбит. Быйыл саҥа «Флористика» компетенция эбилиннэ, “Кулинарное дело” компетенция оннугар “Ресторан сервиһа”, «Мода и дизайн» оннугар “Иллюстратор худуоһунньук” компетенциялар киирдилэр. Кэтэхтэн сүүмэрдиир түһүмэххэ улууспут уһуйааннарыттан барыта 96 оҕо кыттыбыта. Түмүктүүр түһүмэххэ

Сэтинньи 6 күнүгэр:

- “Ресторан сервиһа” компетенцияҕа-11 кыттааччы;

- “Мас ууһа” компетенцияҕа-8 кыттааччы;

- “Мобильнай робототехника” компетенцияҕа-12 кыттааччы;

- “Мультимедийнай журналистика” компетенцияҕа-11 кыттааччы.

Сэтинньи 7 күнүгэр:

- “Парикмахер искусствота” компетенцияҕа-11 кыттааччы;

- “Флористика” компетенцияҕа-10 кыттааччы;

- “Иллюстратор худуоһунньук” компетенцияҕа-11 кыттааччы;

- “Прототип оҥоруу” компетенцияҕа-10 кыттааччы.

2 күҥҥэ уопсайа 84 оҕо кыттыыны ылла.

“ИдэБил” чемпионат 3 сорудахтан турар (муодул):

•      үөрэх муодула - идэ туһунан билии, үлэлиир миэстэни бэлэмнээһин;

•      оҥорон таһаарыы муодула – идэ туһунан бастакы үөрүйэҕи, сатабылы көрдөрөр сорудах;

•      алтыһыы-бодоруһуу – оҥоһугу сырдатыы, оҕо үлэ түмүгүн көрдөрүүтэ, кэпсээһинэ буолар.

Чемпионат экспертарынан буоллулар:

1.«Ресторан сервиһа» компетенция

  • Кычкина Алена Эдуардовна,“Лира” банкетнай зал салайааччыта
  • Андреева Акулина Николаевна, урбаанньыт, «Сладкая выпечка» маҕаһыын
  • Тихонова Марианна Петровна, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуола директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы

2. «Мобильнай робототехника» компетенция

  • Ефимов Афанасий Васильевич, улуустааҕы үөрэх салалтатын информационно-аналитическай отделын сүрүн специалиһа
  • Киренский Леонид Иннокентьевич, И.Г. Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын информатикаҕа уонна физикаҕа учуутала
  • Николаев Роман Лукич,   IT-куб эбии үөрэхтээһин педагога

3.«Мас ууһа» компетенция

  • Богимов Никита Федотович, И.Г. Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын технология учуутала
  • Сергеев Ефим Николаевич, урбаанньыт
  • Черкашин Коммунар Владимирович, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуола технология уонна изо учуутала

4. «Мультимедийнай журналистика» компетенция

  • Аммосова Гульнара Фидаиловна, Саха национальнай көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа Мэҥэ-Хаҥаластааҕы филиалын корреспондена
  • Дьяконова Ольга Николаевна, М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ
  • Матчытова Айыына Семеновна, «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат общественнай судаарыстыбаннай хамсааһын Мэҥэ-Хаҥалас улууһун исписэлииһэ

5. «Иллюстратор худуоһунньук» компетенция

  • Апросимова Варвара Николаевна, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын уруһуй учуутала
  • Егорова Сардаана Николаевна, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога
  • Судико Валерия Вагановна, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога

6.«Парикмахерскай искусство» компетенция

  • Аргунова Лилия Владимировна, «Лилия» студия салайааччыта
  • Васильева Сардана Иннокентьевна, «Лилия» студия парикмахера
  • Мохначевская Алена Ананьевна, «Вилена» парикмахерскай салайааччыта

7. «Прототип оҥоруу» компетенция

  • Баишев Антон Афанасьевич, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога
  • Горохов Сергей Николаевич, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын научнай инновационнай үлэҕэ директоры солбуйааччы
  • Птицына Дария Алексеевна, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин технология учуутала

8. «Флористика» компетенция

  • Иванова Людмила Константиновна, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын библиотекара
  • Лепчикова Анастасия Иннокентьевна, «Di&An» сибэкки салонун хаһаайката
  • Шарина Лилия Сарыаловна, урбаанньыт

Сүрдээх тыҥааһыннаах күрэх кэнниттэн экспертар маннык түмүгү таһаардылар:

“Ресторан сервиһа” компетенцияҕа

1 миэстэ- Ядрихинская Сандаара, А.Е. Зыкова аатынан Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин, салайааччы Иванова Е.П., Потапова Л.С., Николаева М.В.

2 миэстэ - Соловьева Ева, Павловскайдааҕы “Лена” уһуйаан, салайааччылар Макарова В.Н., Егорова Т.П.

3 миэстэ - Местникова Айсена, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Алексеева Э.П., Тастыгина Ю.Я.

“Мас ууһа” компетенцияҕа

1 миэстэ - Федоров Саша, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Брызгалова А.Б., Дьяконова Ф.М.

2 миэстэ - Никитин Эрэл, Төҥүлүтээҕи «Олимпионик» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Сидорова М.И.

3 миэстэ - Петров Юра, Павловскайдааҕы “Лена” уһуйаан, салайааччы Маркова В.С.

“Мобильнай робототехника” компетенцияҕа

1 миэстэ - Саввин Эрсан, А.Е. Зыкова аатынан Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин, салайааччы Егорова А.Е.

2 миэстэ - Иванов Витя, Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Холмогорова М.К.

3 миэстэ – Сухомясов Эрсан, Төҥүлүтээҕи «Олимпионик» оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Иванова А.А., Катакинова С.В.

“Мультимедийнай журналистика” компетенцияҕа

1 миэстэ – Григорьева Айлина, А.Е. Зыкова аатынан Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин, салайааччы Николаева М.В.

2 миэстэ – Александрова Василина, Г.И. Соловьев аатынан Ороссолуодатааҕы орто оскуола, салайааччы Мартынова А.К.

3 миэстэ – Ильин Алгыстаан, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Аввакумова С.А, Оконешникова Н.С., Санникова Н.С.

“Парикмахер искусствота” компетенцияҕа

1 миэстэ – Ефремова Вика, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Скрябина П.П.

2 миэстэ – Габышева Мия, Майатааҕы “Чуораанчык”уһуйаан, салайааччылар Спиридонова А.И., Шарина Н.А.

3 миэстэ – Скрыбыкина Арина, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Шестакова Д.Н.

“Флористика” компетенцияҕа

1 миэстэ – Федорова Амелия, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Бурнашева Е.Е., Слободчикова Т.И.

2 миэстэ – Никифорова Эльза, Майатааҕы «Сардаана» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Шестакова Т.А.

3 миэстэ – Куличкина Сайыына, Аллараа-Бэстээхтээҕи «Сказка» уһуйаан, салайааччы Захарова М.Б.

“Иллюстратор худуоһунньук” компетенцияҕа

1 миэстэ – Акимова Нарыйа, А.Е. Зыкова аатынан Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин, салайааччылар Сыдыкбекова М.С., Новгородова Л.И.

2 миэстэ – Иванова Арина, Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Григорьева С.В.

3 миэстэ – Плотников Дьулусхан, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Вырдылина М.Н.

“Прототип оҥоруу” компетенцияҕа

1 миэстэ – Керемясова Ангелина, Аллараа-Бэстээхтээҕи «Сказка» уһуйаан, салайааччы, Степанова М.Н.

2 миэстэ – Тимофеев Вадим, Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, салайааччы Осипова Е.А.

3 миэстэ – Сивцев Алан, Майатааҕы «Чуораанчык» уһуйаан, салайааччы Тимофеева Е.А.

Сылын аайы ыҥырыыбытын ылынан кэлэн оҕолор үлэлэрин сыаналыыр экспиэрдэрбитигэр уһуйаан коллективын, улуус үөрэҕириитин салалтатын аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Икки күн устата чемпионакка кыттыбыт оҕолорго анаан уһуйаан педагогтара араас маастар - кылаастары ыыттылар, “Чаҕылыс” киинэ саалата үлэлээтэ, “Ас-Тал”кафеҕа оҕолор дуоһуйа, сынньанан эбиэттээн үөрэн- көтөн тарҕастылар.

Кыайыылаах оҕолору уонна кинилэр салайааччыларын эҕэрдэлиибит, инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Просмотров: 221
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009