Кулун тутар 22 күнүгэр Наахара нэһилиэгин култууратын киинигэр улуустааҕы үгэскэ кубулуйбут "Мэҥэ Уолан-2024" уонна "Мэҥэ Куо-2024" күрэх буолан ааста. Кыыс уонна уол оҕону төрүт үгэскэ сыһыаран кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр сиэр-майгы, эт-хаан өттүнэн чөл туругун, сатабылын сайыннарар сыаллаах-соруктаах сыллата ыытыллар тэрээһин 5 түһүмэххэ арахсан күн устата сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Уопсайа 14 оскуолаттан 7 кыыс уонна 7 уол күөн көрүстүлэр. Маҥнайгы саха төрүт үгэстэригэр сатабыл түһүмэҕэр уолаттар бэриллибит матырыйаалтан органайзер оҥорон таһаардылар, ол бириэмэҕэ кыргыттар алаадьы буһаран, салаат оҥорон, күөрчэх ытыйан көрдөрдүлэр. Иккис түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрэн, талба талааннарын арыйдылар. Аман өс түһүмэххэ бэриллибит тиэмэни арыйдылар, “Мэҥэ Уолан”, “Кыыс оҕо- кэскиллээх олох түстээччитэ” бырайыактары сырдаттылар. Төрдүс түһүмэххэ саха төрүт оонньууларыгар күрэхтэстилэр уонна киэһээҥҥи таҥастаах хаамтылар.
Дьүүллүүр сүбэ түмүккэ "Мэҥэ Уолан-2024" Иванов Айтал, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 10 кылааһын уонна "Мэҥэ Куо-2024" Дьячковская Сайыына, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейын үөрэнээччилэрэ сүкпүттэрин үөрэ-көтө билиһиннэрдэ.
Онтон бары кыттааччыларга анал ааттары туттардылар:
- “Байдам” - Луковцев Эрхан, И.И. Платонов аатынан Наахара орто оскуолата
- “Сайдам” - Петров Эрхан, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата
- “Сүргэн Уолан” - Беляев Артем, Баатара орто оскуолата
- “Саргын” - Олесов Василий, И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолата
- “Өркөн” - Матчитов Егор, Алтан орто оскуолата
- “Дархан” - Винокуров Сайдам, М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолата
- “Кыталык Куо” - Борисова Карина, Аллараа Бэстээхтээҕи 2 нүөмэрдээх орто оскуола
- “Сайдыына” - Алексеева Аэлита, Тиэлиги орто оскуолата
- “Мичийэ Куо” - Аталларова Каролина, Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолата
- “Чэмэлиинэ” - Иванова Аля, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата
- “Арылхаана” - Алексеева Уруйдаана, Н.В. Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолата
- “Кэрэчээнэ” - Прокопьева Дарина, К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолата.
Тэрийээччилэр бары кыттыбыт оҕолорго өйдөбүнньүк бэлэхтэри, лиэнтэлэри, кыргыттарга сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
|