|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2018 » Март » 26 » Улуустааҕы «Мэҥэ Куо-2018», «Мэҥэ Уолан-2018» күрэх
14:21
Улуустааҕы «Мэҥэ Куо-2018», «Мэҥэ Уолан-2018» күрэх

Кулун тутар ый 24 күнүгэр Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы “Мэҥэ Куо-2018”, “Мэҥэ Уолан-2018” күрэх буолан ааста. Быйылгы күрэххэ улууспут 6 муниципальнай тэриллии холбоһугуттан 6 кыыс, 4 уол оҕо кэлэн күрэс былдьаста, күөн көрүстэ. 

Күрэх уопсайа 5 түһүмэҕинэн барда. Ол курдук күн бастакы аҥарыгар биһиги оҕолорбут “Саха төрүт оонньуутун” көҕүлүттэн туттулар, уолаттар эр киһи быһыытынан сатабылларын көрдөрөн ас быһар дуоска оҥорон таһаардылар, кыргыттар сатабаллаах хаһаайка буолалларын туоһутунан сандалы остуолу тэрийдилэр.

Күн иккис аҥарыгар кыттааччыларбыт таҥара табатын курдук таҥнан, сир симэҕэ курдук симэнэн бэйэлэрин билиһиннэрэн, талба талааннарын, дьоҕурдарын арыйан, булугас өйдөрүн, аһаҕастык санааларын этэллэрин истэн, көрөн дуоһуйдубут.

Түмүккэ быйылгы күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан “Мэҥэ Куо-2018” Федорова Күннэй (Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата), “Мэҥэ Уолан- 2018” Неустроев Алеша (Балыктаах орто оскуолата) ааттаннылар. Кыайыылаахтар Республикатааҕы Ил дархан өйөбүллээх “Дьулуур” оҕо биир сомоҕо хамсааһына туруорбут Владивосток куорат “Океан” лааҕырыгар барар путевка тутан үөрүүлэрэ үс бүк үрдээтэ. Маны таһынан кыттааччыларга анал ааттар иҥэрилиннилэр: “Талба Талаан” Евсеева Аня (Хорообут орто оскуолата), “Мичийээнэ Куо” Габышева Леонида (Матта орто сокуолата), “Сулусчаана Куо” Петрова Дарина (Дьабыл орто оскуолата), “Нарыйаана Куо” Костромыкина Кристина (Хаптаҕай орто оскуолата), “Тускулаана Куо” Гаврильева Василина, “Саргылаана Куо” Федорова Күннэй (Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолата), “Үрүҥ Уолан” Петров Айысхаан (Төҥүлү орто оскуолата), “Кэскиллээх Уолан” Захаров Арсений (Мэлдьэхси орто оскуолата) “Өркөн Өй” Неустроев Алеша (Балыктаах орто оскуолата), “Эрчимнээх Уолан” Романов Артем (В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).

Просмотров: 1063
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Март 2018  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 12
Гостей: 11
Пользователей: 1
Bogdanxqv
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009