Муус устар 8 күнүгэр М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын базатыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрин ортотугар хамаанданан бастыыр иһин мас тардыһыытын күрэҕэ буолан ааста.
Улууспут 14 оскуолатыттан барыта 7 ыйааһыҥҥа үүнэн эрэр кэскиллээх мадьынылар илин илин түһүстүлэр.
Бөлөхтөрүнэн наардаан билиһиннэрдэххэ: бастакы бөлөххө инники Төҥүлү орто оскуолата, иккис В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, үһүс Төхтүр орто оскуолатын хамаандалара таҕыстылар. Иккис бөлөххө М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолата бастакы, Мэлдьэхси иккис, Тумул үһүс миэстэ, үһүс бөлөххө Ороссолуода орто оскуолата бастакы, Наахара иккис, Матта үһүс буоллулар. Онтон уопсай түмүккэ үһүс миэстэҕэ Ороссолуода орто оскуолатын мадьынылара таҕыстылар (тренер Бочкарев П. Н.), иккис миэстэ Мэлдьэхси орто оскуолата (тренер Кычкин П.П.) уонна бастакы миэстэҕэ олохтоохтор, Балыктаах орто оскуолатын хамаандата (тренер Макаров Нь.Р. ) тахсан үөрүүнү үксэттэ.
Эдэр ыччат чөл олоҕу тутуһан, спорду өрө тутан сайдан, үүнэн иһэрэ хайҕаллаах дьыала буолара бүгүн өссө төгүл бигэргэннэ.
|