2020 с. кулун тутар 13 күнүгэр, Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар кииҥҥэ, барыта 14 уһуйаантан, уопсайа 89 оҕо, 25 салайааччы «Кырачаан олоҥхоһут» түһүлгэтигэр муһуннулар.
- Бөлөҕүнэн толорууга: 65 оҕо кытынна.
- Биирдиилээн толорууга: 7 уол, 7 кыыс кытынна. Уопсайа 14 о5о.
- Доклад ааҕыытыгар: 10 оҕо кытынна.
Түһүлгэҕэ мустубут кырачаан олонхоһуттары сыаналаатылар педагогическай наука кандидата, культурология кафедратын доцена, профессор Галина Семеновна Попова – Санаайа, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральный университет тыл уонна литература кафедратын доцена, педагогическай наука кандидата – Нюргуяна Гаврильевна Никитина, «Мэҥэ-Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон Үөрэҕин салалтатын сүрүннүүр специалиһа Ларионова Мария Николаевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон эбии үөрэхтээһин киин методиһа, Мэнэ-Ханалас улууһун «Олонхо» ассоциациятын чилиэнэ, Евдокия Самсоновна Баишева, профессор И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын үрдүк категориялаах төрүт культууратын учуутала Диана Егоровна Тарабукина, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Олоҥхо дьиэтин фольклорнай салаатын специалиһа, «Олонхо» ассоциациятын чилиэнэ, Ийэ Олоҥхоһут Н.И. Степанов – Ноорой сиэнэ, олоҥхоһут – Анисия Николаевна Степанова.
ТҮҺҮЛГЭ ТҮМҮГЭ:
«Улуу Кыайыыны уһансыбыт олонхоһуттар» докладка 10 оҕо:
- Бастакы Үрдэл: Иванов Вадим, Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар киин, «Улуу Кыайыыны уһансыбыт олонхоһут», сал. Шарина М.А.;
- Иккис Үрдэл: Устинова Айаана, Төҥүлүтээҕи «Олимпионик» оҕону сайыннарар киин, «Буойун олонхоһут - Николай Иванович Степанов -Ноорой», сал. Сидорова М.И.
- Үһүс Үрдэл: Пермякова Ариадна, Аллараа Бэстээхтээҕи «Сказка» уһуйаан, «Норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Степанов Н.И.- Ноорой», сал. Герасимова М.Е.
- Бастакы Үктэл: Гаврильева Айсаана, Майатаа5ы «Чуораанчык» о5о сада, «Кыайыыны уһансыбыт олоҥхоһуттар», сал. Свинобоева Н.П.
- Иккис Үктэл: Алексеева Аэлита, Майатаа5ы «Чуораанчык» оҕо сада, «Кыайыыны уһансыбыт олонхоһуттар», сал. Свинобоева Н.П.
- Үһүс Үктэл: Афанасьева Вероника, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, «Улуу олонхоһут Николай Иванович Степанов-Ноорой», сал. Егорова Н.Р., Слободчикова В.В.
Биирдиилээн толоруу (уопсайа 14 оҕо):
- Бастакы Үрдэл: Назаров Ренат, Тыыллыматааҕы «Кунчээн» оҕо сада, «Дьулуруйар Ньургун Боотур», сал. Никифоров В.В., Стручкова А.Е.
- Иккис Үрдэл: Жиркова Василина, Өлөчөйдөөҕү «Кэнчээри» оҕо саада, «Сындылыс сүүрүк аттаах Саргылаан бухатыыр», сал. Гаврильева О.Е.
- Үһүс Үрдэл: Максимова Карина, Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар киин, «Күн Эрили», сал. Верховцева А.Н.
- Бастакы Үктэл: Сивцев Власий, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» Бухатыыр ата, сал. Ильина Л.М.
- Иккис Үктэл: Кириков Дима, В. В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи оскуола «Сулусчаан» бэлэмнэнии бɵлɵх, «Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр», сал. Атласова А.Ф.
- Үһүс Үктэл: Илларионов Айсен, Чүүйэтээҕи «Чэчир» оҕо саада, «Эрэйдээх буруйдаах эр со5отох», сал. Нестерова Р.В.
Анал ааттар:
- «Дорҕоонноох этээччи» анал аат: Никаноров Данил, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» быьа тардыы, сал. Попова А.И., Шамаева В.А.
- «Кыайыыга дьулуур» анал аат: Илларионова Новелла, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, «Кун Эрэли» Айыы уда5ан ырыата, сал. Егорова Н.Р., Слободчикова В.В.
- Олоҥхо дьиэтин анал бирииһэ: Дмитриева Наина, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» быьа тардыы, сал. Попова А.И., Шамаева В.А.
Куолаан (бөлөҕүнэн) толоруу 65 оҕо:
Анал ааттар:
- «Үтүө саҕалааччылар» анал аат: Аллараа Бэстээхтээ5и 1 нүөмэрдээх орто оскуола бэлэмнэнии бөлөх, сал. Сивцева А.И., Баишева М.С.
- «Кэскиллээх этээччилэр» анал аат: Майатаа5ы «Сардаана» о5ону сайыннарар киин, сал. Федорова Л.П.
- «Олугунан билии» анал аат: Харатааҕы «Кэрэчээн» оҕо саада, Сидорова Ф.И.
- Үһүс Үктэл: Павлоскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, сал. Егорова Н.Р., Слободчикова В.В.
- Иккис Үктэл: Майатаа5ы «Чуораанчык» оҕо саада, сал. Чупрова М.И., Захарова М.Р.
- Бастакы Үктэл: Өлөчөйдөөҕү «Кэнчээри» оҕо саада, сал. Гаврильева О.Е.
- Үһүс Үрдэл: Аллараа Бэстээхтээҕи «Сказка» уһуйаан, сал. Герасимова М.Е.
- Иккис Үрдэл: Тараттааҕы «Сулусчаан» оҕо саада, сал. Соловьева А.А.
- Бастакы Үрдэл: Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин, сал. Иванова Е.П.
- КЫЛААН – БИРИИС: Төхтүрдээҕи «Мичил» оҕону сайыннарар киин, сал. Верховцева А.Н.
|