Кулун тутар 22 күнүгэр Майаҕа «Манчаары» успуорт комплексыгар 2001-2003, 2004-2006 с.с төрүөх оскуола оҕолоругар улуустааҕы фитнес-аэробика күрэҕэ буолан ааста.
Күрэҕи улуустааҕы үөрэх управлениета, "Кэрэли" оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ, “Кыталык” оҕо-ыччат эстетическэй киин тэрийиилэринэн ыытылынна. Фитнес күрэҕин ордук оскуола саастаах оҕолорго, ыччакка чөл олоҕу тарҕатар, физическэй култууранан уонна успуордунан ситимнээхтик дьарыктанарга көҕүлүүр сыалтан сыллата ыытыллыаҕын тэрийээччилэр эттилэр.
Күрэххэ уопсайа 8 хамаанда Хорообут, Баатара, Хара, Табаҕа, Матта, Павловскай орто оскуолаларыттан, Майа лиссиэйиттэн уонна В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыттан кэлэн күөн көрүстүлэр. Кыттааччылары дьүүллүүр сүбэ фитнес-аэробика (классическай аэробика), базовай элеменнэринэн сыаналаата.
Күрэх түмүгүнэн, бастакы миэстэни В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын хамаандата (салайааччы Лидия Артемьева), иккис миэстэни Хара орто оскуолатын хамаандата (салайааччы Любовь Борисова), үһүс миэстэни Майа лиссиэйин хамаандата (салайааччы Светлана Васильева) ыллылар.
Зоя ГЕРАСИМОВА.
|