|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2021 » Апрель » 21 » Улуустааҕы «Дьиэ кэргэн-биир сомоҕо» көрүү-күрэх
10:41
Улуустааҕы «Дьиэ кэргэн-биир сомоҕо» көрүү-күрэх

Муус устар 1-15 күннэригэр СӨ үөрэҕириитин туйгуна Артемьева Т.И авторскай бырайыагынан, улуустааҕы «Дьиэ кэргэн-биир сомоҕо» дьиэ кэргэттэр бырайыактарын көрүү ыытылынна. Көрүү сүрүн сыала: Дьиэ кэргэни түмүү, оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн үтүө холобурдарын сырдатыы, дьон-сэргэ билиитигэр таһаарыы.

Улуус оскуолаларыттан алта хайысханан барыта 112 дьиэ кэргэн тосхоло оҥоһуллубутуттан 82 тосхол көрүү балаһыанньатын быһыытынан инстаграм страницаҕа угуллан, бар дьон көрүүтүгэр таҕыста. Ордук элбэх 29 бырайыак «Үлэнэн иитии» хайысхаҕа киирдэ, «Төрүт үгэс»-кэ18, «Сиэрдээх иитии»-гэ 14, «Чэгиэн буолуу»-га-12, «Патриотизм» уонна “Айылҕаҕа сүгүрүйүү» хайысхаларга 9 бырайыак киирэн көрүүгэ кытыннылар. Бырайыактар оҕону иитиигэ, үлэҕэ сыһыарыыга, кэрэҕэ уһуйууга, удьуору үөрэтиигэ, дьиэ кэргэн эбии дохуот киллэриитигэр, саҥаны айыыга-түтүүга анаммыттара кэрэхсэбиллээх.

Түмүккэ:

«Үлэнэн иитии» хайысхаҕа:

  • «Кылаан кыайыы» - Дмитрий, Парасковья Терентьевтар дьиэ кэргэн («Төрүт үгэскэ олоҕуран дьиэ кэргэн уйгутун уһансыы» бырайыак, Хаптаҕай орто оскуолата);
  • «Хайҕал» - Семен, Марианна Митрофановтар дьиэ кэргэн («Перепелканы иитии» бырайыак, Төхтүр орто оскуолата),
  • «Биһирэбил» - Михаил, Татьяна Игнатьевтар дьиэ кэргэн («Саха норуотун үгэһин туһанан дьиэ кэргэҥҥэ оҕолору үлэнэн иитии» бырайыак, Хаптаҕай орто оскуолата),
  • «Махтал» - Семен, Ксения Корякиннар дьиэ кэргэн («Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ үлэнэн иитии» бырайыак, В.П Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).
  • «Төрүт үгэс» хайысхаҕа:
  • «Кылаан кыайыы» - Хрисанф, Христина Ивановтар дьиэ кэргэн («Традиционная посуда и изделия народов Саха» бырайыак, Бүтэйдээх орто оскуолата),
  • «Хайҕал» - Константин, Айталина Прокопьевтар дьиэ кэргэн («Удьуорбунан киэн туттабын» бырайыак, Тыыллыма орто оскуолата)
  • «Биһирэбил» - Ян, Парасковья Григорьевтар дьиэ кэргэн («Дьиэ кэргэн библиотеката» бырайыак, Матта орто оскуолата),
  • «Махтал» - Иван, Елена Михайловтар дьиэ кэргэн («Сахалыы харысхал ойуулаах дьиэ кэргэн муннуга» бырайыак, Томтор орто оскуолата).

«Сиэрдээх иитии» хайысхаҕа:

  • «Кылаан кыайыы» - Андрей, Ньургуйаана Чаховтар дьиэ кэргэн («Утум салҕаныыта» бырайыак, Төҥүлү орто оскуолата),
  • «Хайҕал» - Елена Тарабукина уолунаан Мишалыын («Ийэ, Аҕа ууһун төрүччүтэ, утумнааһын» бырайыак, Төхтүр орто оскуолата),
  • «Биһирэбил» - Михайлова Лара, Расторгуева Дана («Төрүт тэнийэр, удьуор салҕанар» бырайыак, В.П Ларионов аатынан Майа орто оскуолата),
  • «Махтал» - Василий, Ирина Плотниковтар дьиэ кэргэн («Q карта родословной семьи» бырайыак, Ф.Г Охлопков аатынан Майа орто оскуолата).

«Чэгиэн буолуу» хайысхаҕа:

  • «Кылаан кыайыы» - Еремей, Мусьяна Жирковтар дьиэ кэргэн («Ыччат кыбаарталын» оҕолорун сайыҥҥы сынньалаҥнара» бырайыак, Моорук орто оскуолата),
  • «Хайҕал» - Петр, Раиса Кириллиннар дьиэ кэргэн («Семейный туризм» бырайыак, Тыыллыма орто оскуолата),
  • «Биһирэбил» - Алексей, Алиса Куприяновтар дьиэ кэргэн («Дьиэ кэргэн туризма» бырайыак, Төҥүлү орто оскуолата),
  • «Махтал» - Василий, Виктория Солдатовтар дьиэ кэргэн («Семейный туризм» бырайыак, В.П Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).

«Патриотизм» хайысхаҕа:

  • «Кылаан кыайыы» - Василий, Ирина Плотниковтар дьиэ кэргэн («Биллим» оонньуу» бырайыак, Охлопков аатынан Майа орто оскуолата),
  • «Хайҕал» - Михаил, Мария Федотовтар дьиэ кэргэн («Оҕо иитиитигэр эһээбит кыттыыта» бырайыак, Павловскай орто оскуолата),
  • «Биһирэбил» - Иван, Мария Плюк дьиэ кэргэн («Бэлэсипиэт доҕорбут – ааллаах аппыт» бырайыак, Бэдьимэ орто оскуолата),
  • «Махтал» - Вячеслав, Ирина Егоровтар дьиэ кэргэн («Эһэм бойобуой суолунан» бырайыак, Павловскай орто оскуолата).

«Айылҕаҕа сүгүрүйүү» хайысхаҕа:

  • «Хайҕал» - Чириковтар, Винокуровтар, Кириллиннар, Атласовтар, Дмитриевтар, Нестеревтар, Сивцевтар дьиэ кэргэттэр («Төрөөбүт дойдум айылҕатын харыстыыбын» бырайыак, Охлопков аатынан Майа орто оскуолата)

Инникитин дьиэ кэргэни түмэр, сомоҕолуур бырайыактар өссө сайдан, элбэх ыалы хабан оҕо иитиитигэр туһалыы туруохтара диэн эрэнэбит.

"Кэрэли" о5ону эбии үөрэхтээһин киинэ

Просмотров: 832
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Апрель 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 30
Гостей: 30
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009