Кулун тутар 21 кунугэр Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын информационнай-методическай отделын тэрийиилэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, оҕо-аймах тапталлаах эколог суруйааччыта, ырыаһыт поэт, прозаик, суруналыыс, публицист, билгэһит, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Чобуо чооруостар» улуустааҕы оҕо уһуйааннарын бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэригэр суруйааччы айымньыларынан инсценировка куонкуруһа ыытылынна. Куонкуруска барыта 117 оҕо кыттыыны ылла.
Оҕо-аймах бырааһынньыгын Майатааҕы “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин “Тэтим” инструментальнай ансаамбыла “Бухатыыр айана” музыкальнай композицияны күпсүүргэ оонньоон киэргэттилэр (салайааччылар Капиталина Константиновна Семенова, Наталья Васильевна Андреева). Ф.Г. Охлопков аатынан Майатааҕы орто оскуола 1 “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Елена Николаевна Чичахова) И.М. Сосин “Сааскы тыал” хоһоонунан, сандал саас туһунан ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Куонкуруһу Майатааҕы эдэр көрөөччү театрын режиссера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Александра Семеновна Скрябина, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕириитин салалтатын информационнай-методическай отделын кылаабынай специалиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Мария Николаевна Ларионова, М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ольга Николаевна Дьяконова сыаналаатылар.
Көрөөччүлэр эколог-суруйааччы Иннокентий Сосин айылҕаны, тулалыыр эйгэни таптыырга, харыстыырга, күнү-дьылы билгэлииргэ үөрэтэр дириҥ суолталаах «Бөтүүк уонна тураах», «Тэлгэһэ иһинээҕи билгэһиттэр», «Икки чабычах», «Сарсын отоннуу барбаппыт», «Мааны кыыс муҥнаах», «Сахсаахаан Сахаар кэпсээннэрэ», «Эһэчээн уонна куобахчааннар», «Отчут оҕолор ырыалара», «Мэкчиргэ», «Махтала суох», «Чаҕылҕан түспүт тиитэ» айымньыларынан туруоруулары сэргээн көрдүлэр.
Куонкурус түмүгүнэн Кылаан чыпчаалы Майатаа5ы «Мичил» оҕо уһуйаана, I үрдэли А.А. Пахомов аатынан Тиэлигитээҕи оскуола-сад, II үрдэли Майатааҕы «Чуораанчык» оҕо уһуйаана уонна Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин, III үрдэли Чүүйэтээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаана, Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, Майатааҕы «Кэнчээри» «Току-току ньээм-ньээм» бөлөҕө, “Айымньыны бастыҥ туруоруу” анал ааты Павловскайдааҕы «Мичээр» оҕону сайыннарар киин, “Бастыҥ музыканан доҕуһуол, театральнай декорация” - Харатааҕы «Кэрэчээн» оҕо уһуйаана, “Бастыҥ сценическэй көстүүм” - Аллараа-Бэстээхтээ5и «Солнышко» оҕо уһуйаана, “Бастыҥ кыыс оҕо оруола” – Сайаана Алексеева, А.А. Пахомов аатынан Тиэлигитээҕи оскуола-сад иитиллээччитэ, “Бастыҥ уол оҕо оруола” – Айгылаан Нестеров, Чүүйэтээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаанын иитиллээчччитэ ыллылар.
Сибэккилии симэммит чобуо чооруос кырачааннар бииртэн биир киһи кэрэхсиир, сэргиир туруорууларынан көрөөччүлэргэ оҕо саас умнуллубат чаҕылхай бырааһынньыгын бэлэхтээтилэр, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта Иннокентий Сосин айымньыларын үйэтитиигэ дьоһун кылааттарын киллэрдилэр. Бары куонкурус кыттыылаахтарыгар, иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ольга Дьяконова, Наталья Басова
|