Тохсунньу 19 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 150 сылын көрсө, 1874 сыллаахха Илин Хаҥалас улууһугар Ороссолуодаҕа бастакы оскуоланы төрүттээбит Илин Хаҥалас улууһун Инороднай быраабатын кулубата Герасим Иванович Соловьев уонна кини удьуорун туһунан икки кинигэлээх дьоһун кинигэ бэчээттэнэн тахсан киэҥ эйгэҕэ сүрэхтэммитэ бэлиэтэннэ.
Кинигэ суруллуутун көҕүлээччилэринэн Илья Валентинович Макаров баһылыктаах Ороссолуода нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ буолар. Тиһиллэн тахсыытыгар бырайыагы үлэ бэтэрээнэ, краевед, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Софья Гаврильевна Дмитриева салайда.
Кинигэ научнай эрэдээксийэтигэр историческай наука дуоктара Андриан Афанасьевич Борисов, архыып докумуоннарын кытта үлэҕэ И.Г. Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Октябрина Егоровна Дмитриева, хаартыскалары булууга Норуоттар икки ардыларынааҕы киин уонна хомус түмэлин экспозиция салаатын исписэлииһэ, краевед Станислав Николаевич Афанасьев, таҥан оҥорууга "Эркээйи" улуустааҕы хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, РФ журналистарын сойууһун чилиэнэ Марфа Ивановна Птицына үлэлээтилэр. Ону тэҥэ, улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ, бибилэтиэкэрдэр, Герасим Соловьев сыдьааннара үлэлэстилэр.
Кинигэ улуус нэһилиэктэрин бибилэтиэкэлэригэр тиксэриллиэҕэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
|