Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 150 сыл анараа өттүгэр Ороссолуода оскуолатыттан саҕаламмыта. 1874 сыллаахха тохсунньу 19 күнүгэр норуодунай оскуола быһыытынан аһыллыбыт Ороссолуода оскуолата бэрт элбэх көлүөнэ дьону иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ.
Бүгүн, ыам ыйын 14 күнүгэр үөрэхтээһин төрүттэммит сиригэр-уотугар Ороссолуода нэһилиэгэр улуус оскуолаларын лиидэрдэрэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар, дириэктэр сүбэһиттэрэ уонна улуус баһылыга Дмитрий Тихонов үөрэх эйгэтигэр устуоруйа умнуллубат кэрэһитэ буолан ааспыт дойдутугар муһуннулар.
Үөрүүлээх тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһини төрүттээбит Герасим Иванович Соловьев пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Улуу киһи Герасим Соловьев сырдык аатын кэриэстээн, бастакынан сибэкки дьөрбөтүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, Ороссолуода нэһилиэгин баһылыга Илья Макаров, улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Ирина Плотникова, «Мэҥэ Кэскилэ» улуустааҕы оскуола оҕолорун сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Матчитов, Ороссолуода орто оскуолатын лиидэрэ Арсений Заровняев уонна Г.И.Соловьев удьуорун туһунан кинигэ бырайыагын салайааччы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Софья Дмитриева уурдулар.
Салгыы ыалдьыттыы кэлбит үөрэнээччилэри оскуола иһинээҕи түмэлгэ ыҥырдылар. Манна мусуой салайааччыта Валентина Соловьева, үөрэнээччилэр Өркөн Харитонов (8 кылаас), Эркин Иванов (7 кылаас), Илья Макаров (6 кылаас) мусуой устуоруйатын кэпсээтилэр. 150 сыл анараа өттүгэр, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Герасим Иванович, Илин Хаҥалас улууһун кулубата, 12 нэһилиэк кулубаларын мунньан, үөрэҕи саҕалыыр туһунан этии киллэрбит. Ол күнтэн бэйэтин үбүнэн, норуот күүһүнэн көмөлөөн норуодунай оскуола тутуллубут эбит.
Аактабай саалаҕа улуус баһылыгын кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Көрсүһүү кыттыылаахтарын Ороссолуода нэһилиэгин баһылыга Илья Макаров, оскуола дириэктэрэ Иван Барабанов эҕэрдэлээтилэр.
Илин Хаҥалас улууһугар Ороссолуодаҕа бастакы оскуоланы төрүттээбит Илин Хаҥалас улууһун Инороднай быраабатын кулубата Герасим Иванович Соловьев уонна кини удьуорун туһунан кинигэ тиһиллэн тахсыытын салайбыт үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Софья Дмитриева кинигэ ис хоһоонун тула дириҥ ис хоһоонноох аактабай лиэксийэ ыытта. Улуус оскуолаларын лиидэр уолаттара саҥа кинигэни тутан олорон Софья Гаврильевналыын бииргэ үлэлээтилэр, интэриэһиргээн иһиттилэр, билбэтэхтэрин биллилэр. Устуоруйа кэрэһитэ икки туомнаах кинигэни бэлэх тутан, оскуолаларыгар илдьэн сырдатар кыахтаннылар.
Улуус баһылыгын кытта аһаҕас кэпсэтиини Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Мэхээс Масаха иилээн-саҕалаан ыытта. Уолаттар бу түгэни мүлчү туппакка Дмитрий Ивановичка долгутар ыйытыыларын биэрэн, санааларын эттилэр. Баһылык уолаттары кытта аһаҕас кэпсэтиигэ олус арыллан, олоҕун түгэннэриттэн, туох ыарахаттары ааспытын, хайдах баһылык буола үүммүтүн кистээбэккэ, хайдах баарынан кэпсээтэ. Истиҥ-иһирэх кэпсэтии күүстээх таптал – бу дойдуга таптал диэн санаанан түмүктэннэ.
Билиигэ-көрүүгэ сирдиир тэрээһиҥҥэ, оҕо саас чаҕылхай ыраас кэмин бэлиэтиирдии, сааскы күммүт сырдык утахтарынан сыдьаайа, тырымныы тыкта.
Елизавета Неустроева
|