|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Октябрь » 11 » Улуус иитээччилэригэр курс буолан ааста
11:14
Улуус иитээччилэригэр курс буолан ааста

Алтынньы ый 8-10 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ улууспут оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэрин педагогическай үлэһиттэригэр идэни үрдэтэр курс 58 киһини хабан ыытылынна. Курска сылдьыбыт педагогтар санааларын суруйбуттара, бу үс күҥҥэ ыытыллыбыт үөрэх чахчы кэмигэр, дириҥ ис хоһоонноохтук, уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтин бары хайысхаларын хабан ыытыллыбытын бигэргэтэр.

Төҥүлүтээҕи “Олимпионик” оҕону сайыннарар киин сүрүннүүр иитээччитэ С.Ф. Шестакова:

Мэҥэ Хаҥалас иитээччилэригэр федеральнай үөрэх программатын былааҥҥа киллэрэн практикаҕа туһаныы тула курс буолан ааста. Курсу Ольга Иннокентьевна Михалева салайан ыытта. Үлэбитигэр баар ыарырҕатар өрүттэрбитин араас өттүттэн көрөн быһааран, сүбэлээн биэрдэ. Бөлөхтөрүнэн арахсан эдэр да опыттаах да педагогтар өйдүүллэригэр үөрэтэр технологиялары туһанан, айымньыны ырытан, оҕо тылын сайыннарар ньымалары көрдөрөн педагогтары практически үлэлэтэн курс материала толору тиийэригэр киэҥ үлэ ыытылынна. Бу олус туһалаах курс педагогтары айымньылаах үлэҕэ көҕүлүөҕэ диэн эрэнэбит.

М. В. Тастыгина, Харатааҕы "Кэрэчээн" оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитэ:

- Алтынньы ый 8-10 куннэригэр Аллараа Бэстээх АйТи куб уораҕайыгар үс күннээх сүрдээх дириҥ Ис хоһоонноох курска үөрэннибит. Курс билиҥҥи ФГУөс ФҮөП ирдэбилигэр туһаайыллыбыт сүрүннүүр докумуоннарбытыгар аналлаах ис хоһоонноох буолла. Ону таһынан тыл сайдыытыгар араас хайысхалаах үлэнэн хамаанданан үлэлэстибит. Курсу иилээн саҕалаан ыытта Дьокуускайдааҕы идэни үрдэтэр уонна үөрэҕи сайыннарар институт директорын солбуйааччы педагогическай билим кандидата Ольга Иннокентьевна Михалева. 3 күн устата үөрэхпит теоретическай уонна практическай хайысхалаах ааста. Ол курдук бу курс иитээччилэргэ уонна сүрүннүүр иитээччилэргэ сүрдээх туһалаах диэн бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Үлэбит уопсай идеята иитии уонна сыһыан хайысхатыгар туһаайыллан истээччилэр элбэх билиини саҥа идеялары үлэбитигэр элбэх туһалаах сүбэлэри ылынныбыт. Ольга Иннокентьевнаҕа маннык сэргэх, биһиэхэ практик үлэһиттэргэ наадалаах курсу кэлэн ыыппытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, үлэбитигэр элбэҕи саҥаны киллэрэн туһаныахпыт диэн эрэллээхпит.

Майатааҕы "Мичил" оҕону сайыннарар киин сүрүннүүр иитээччитэ В.В. Захарова:

- Алтынньы 8-10 күннэригэр Аллараа Бэстээхтээҕи IT-CUBE цифровой үөрэхтээһин киинигэр Федеральнай үөрэх бырагыраамматын чэрчитинэн уһуйаан үлэһиттэригэр анаан «ФОП ДО: практические аспекты реализации» диэн 3 күннээх үөрэх буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Мэҥэ-Хаҥалас уһуйааннарын иитээччилэрэ, методистара. Түһүлгэни Ольга Иннокентьевна Михалева, педагогическай наука кандидата, С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт дириэктэрин солбуйааччыта салайан ыытта. Ол курдук сүрүннүүр чааһа практическай үлэнэн ыытылынна. Кыттааччылары бөлөхтөргө араартаан оонньуу быһыытынан ыытыллыбыта олус интириэһиргэттэ. Ыйынньыктарын, босуобуйаларын тула уонна да атын темаларга методическай көмө ылан билиилэрин кэҥэттилэр. Инникигэ оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр тирэбил оҥосторго элбэх билиини, саҥа ньыманы туһанарга опыт ыллыбыт.

Баатаратааҕы "Кэскил" оҕо саадын иитээччитэ М.П. Попова:

- Бу үс күннээх тыл сайдыытыгар анаммыт, ФОП ирдэбилигэр сааһыламмыт олус кэрэхсэбиллээх кууруска сылдьаммыт иитээччилэр олус элбэҕи биллибит, үлэбитигэр туһалааҕы иҥэриннибит. Ольга Инокентьевна ураты олоххо көрүүтэ, үөрэххэ сатабыла биһигини айымньылаах үлэҕэ кынаттаата. Бу курдук анал сааһыламмыт, иитэр-үөрэтэр үөрэхтэри биһиги улууспутугар кэлэн үөрэтиэҕэ, кэпсиэҕэ диэн эрэнэ, кэтэһэ, махтана хаалабыт.

 

Просмотров: 153
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Октябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009