Бүгүн, тохсунньу 14 күнүгэр, үтүө үгэс буолбут улуус баһылыгын Харыйата Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуола саалатыгар ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улууспут нэһилиэктэриттэн 2024 сыл устата араас таһымнаах култуурунай бэстибээллэргэ, спортивнай күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга бастыҥ көрдөрүүлээх оҕолор түмүстүлэр.
Тэрээһин чэрчитининэн оҕолорго минньигэс астаах бырааһынньыктааҕы остуол, түмэр оонньуулар, «Айыахха-тутуохха-дойдубут сарсыҥҥытын салайсыахха» диэн ааттаах улууспутуттан төрүттээх биллэр-көстөр дьону кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтии, санаа атастаһыыта тэриллэн ыытылыннылар.
Үөрүүлээх чааска улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Ил Түмэн дьокутааттара Олег Марков, Захар Никитин, улуустааҕы үөрэҕириигэ салалта салайааччыта Гаврил Толстяков, буоксаҕа Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, Арассыыйа 5 төгүллээх, Европа 2 төгүллээх чөмпүйүөнэ, Аан дойду призера Василий Егоров, улуустааҕы үөрэҕириигэ салалта салайааччытын солбуйааччылар Ирина Плотникова, Михаил Петров бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн эҕэрдэлээн туран бастыҥнары чиэстээтилэр.
Ааспыт сыл түмүгүнэн "Герой биир дойдулаахтарбынан киэн туттабын", "Удьуор утумун оскуолата", "Саха норуотун төрүт музыкатын эйгэтигэр уһуйуу", "Идэни талыы-олоххо сүрүн хардыы", Манчаары сиэттэрэ - эт-хаан өттүнэн чэгиэн буолуу уонна доруобуйа култуурата", "Төрөөбүт дойдум айылҕатын харыстыыбын" хайысхаларга бииртэн биир чаҕылхай, бастыҥ үөрэнээччилэр улуус баһылыгын туоһу суругунан наҕараадаланнылар итиэннэ оҕолор төрөппүттэригэр улуус баһылыгын эҕэрдэ суруга туттарылынна.
Долгутуулаах түгэҥҥэ “Мэҥэ кэскилэ” улуустааҕы оҕо-ыччат хамсааһынын көҕүлүүр сыллаах улуус баһылыгын гранын түмүгүнэн бастыҥнар ааттара ааттанна. Ол курдук:
1 миэстэ-Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын “Школьная агротехнологическая лаборатория “Умная теплица” төрөппүт көҕүлээһинин бырайыага, салайааччы Шепелева Софья Павловна- дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит.
2 миэстэ-А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатын “Экошкола первых” бырайыага, салайааччы Иванова Светлана Михайловна-дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит.
3 миэстэ-Е.П. Шестаков-Эрчимэн аатынан Бырама оскуолатын «Мастерская по глинотерапии «Туойдаах алаас» бырайыага, салайааччы Романова Ирина Егоровна-дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит.
Анал аат хаһаайыннарынан буоллулар:
“Оҕо хамсааһынын өйөөһүҥҥэ бастыҥ үлэлээх нэһилиэк баһылыга”-“Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев.
“Оҕо хамсааһынын өйөөһүҥҥэ бастыҥ үлэлээх оскуола дириэктэрэ”-И.И. Платонов аатынан Наахара орто оскуолатын дириэктэрэ Павел Старостин.
“Оҕо хамсааһынын бырагыраамаларыгар оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта”-Аллараа Бэстээх 2-ис нүөмэрдээх орто оскуолатын педагог -организатора Саргылана Боппосова.
“Иитии саҥа философията-бастыҥ үлэлээх дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит”- Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһитэ Айталина Егорова.
“Үөрэнээччилэр бэйэни салайыныыларын бастыҥ лиидэрэ”-Ф.К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатын лиидэрэ Артем Беляев.
Ону тэҥэ, оҕо-ыччат көҕүлээһинин өйүүр бастыҥ төрөппүттэргэ, Августина Николаевна, Андрей Петрович Беляевтарга махтал сурук туттарылынна.
"Мэҥэ кэскилэ" оҕо хамсааһынын ааспыт 2024 сыл түмүгүнэн бастыҥнара бэлиэтэннилэр. Ол курдук, 150 оҕоҕо диэри ахсааннаах оскуола уопсастыбаннай түмсүүлэрин иһигэр:
1 миэстэ-А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатын "Кэскил” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Ангелина Иванова, салайааччы Светлана Иванова.
2 миэстэ-Н.В. Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолатын “Дьабыыл кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Кеша Киренский, салайааччы Раиса Романова.
3 миэстэ-Т.Г. Десяткин аатынан Тумул орто оскуолатын “Доллу кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Дайаана Куличкина, салайааччы Матрена Птицына.
150-тэн үөһэ ахсааннаах оскуолалар икки ардыларыгар оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин иһигэр:
1 миэстэ – Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын “Феникс” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Артем Докторов, салайааччылар Кэскилээнэ Петрова, Людмила Аринкина.
2 миэстэ – И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын “Мэҥэ кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Алгыс Попов, салайааччы Мира Романова.
3 миэстэ –Аллараа-Бэстээх 2-ис нүөмэрдээх орто оскуолатын “Росток” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ. Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Роман Владимиров, салайааччылар Саргылана Боппосова, Уйгулана Зыкова.
Бука бары наҕараадаламмыт үөрэнээччилэргэ, салайааччыларга үүммүт 2025 сылга туйгун үөрэҕи, таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиини, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!
|