Убаастабыллаах биир идэлээхтэрим – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕиритин тиһигин бары үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Идэлээх бырааһынньыкпытынан – Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги күннэтэ түбүгүрэр сыралаах үлэҕит хас биирдии оҕо, ыччат үүнэн сайдан тахсарыгар, бу орто туруу дойдуга бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Күн бүгүн кэнчээри ыччаппыт үүнэн-сайдан тахсарыгар уопсайа 819 учуутал үлэлээн-хамсаан сыраларын уура сылдьаллар. Улууспутугар кэлэр ситиһиилэр, кыайыылар-хотуулар – бу хас биирдиигит дьаныардаах үлэтин түмүгэ. Эһиги үрдүк ааккытын чиэскэ-бочуокка тутан киэҥ тутта ааттыыбыт.
Күннэтэ киирэр араас уларыйыыларга, олох-дьаһах тэтимирэн турар кэмигэр хас биирдиибититтэн тутулуктаах инники олохпут сайдыыта. Бу баласхан кэмҥэ, хас биирдии учуутал олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн, сайдыы иннигэр сылдьан, инникини өтө көрөн айымньылаах үлэтин тэрийэрэ тоҕоостоох. Ол курдук, оҕолорбут кылаас иһигэр олорон үөрэнэллэрэ, учуутал аҥардас үөрэтиитинэн буолбакка, үөрэҕирии тиһигэр уларыйыылар киирэннэр, кылаас таһынааҕы үөрэхтээһин сайдыыта сабаҕаланар. Бу уларыйыыларга хас биирдиибититтэн бэлэм буолуу эрэйиллэр. Ону таһынан, улууспут үөрэҕириитин тиһигин сайдыытын быһаарар “Мэҥэ кэскилэ 7” бырагыраамма бу сылтан бигэргэнэн олоххо киириитэ – сайдыыбыт биир кэрчигэ буолар. Бу бырагыраамма биир болҕомтону ылар хайысхата педагокка ананара кэрэхсэбиллээх. Аҥардас үөһэттэн киирэр уларыйыыларга сөп түбэһиинэн олорбокко, хас биирдии үлэһиккэ, педагокка, учууталга сөптөөх болҕомто ууруллара тоҕоостоох.
Күндү учууталлар!
Эһиги дьулуурдаах үлэҕитинэн Мэҥэ-Хаҥаласпыт үөрэҕириитин тиһигэ үс үйэни уҥуордаан сайдан кэллэ. Үөрэх тэрилтэлэригэр хас биирдии үгэс, хас биирдии саҥаны киллэрии инники күөнүгэр Учуутал турар. Эһиги күннэтэ толорор, сороҕор көстүбэт, сороҕор ситэ сыаналаммат дьаныардаах үлэҕит олохпут сүрүн оҥкула. Улахан буукубаттан суруллар Учууталлар баар буоланнар сахабыт норуота сайдар саҕахтаах, тапталлаах улууспут инникигэ эрэллээх.
Убаастабыллаах кэллиэгэлэр!
Эһиги сүрэххит уонна дууһаҕыт сылааһын оҕоҕо аныыр, кэнчээри ыччаппыт оҕо сааһын аргыһа буолар дьоллоох дьоҥҥут. Аан дойдутааҕы Учуутал күнүгэр эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрэли, үксүү турар үөрүүнү, тосхойо турар дьолу баҕарабыт. Халлааҥҥыт өрүү ыраас буоллун, күҥҥүт сыдьаайа тыктын.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига
Николай Лукич Никифоров
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союһун бэрэссэдээтэлэ
Иннокентий Михайлович Скрябин |