Тохсунньу 27 күнүгэр Майа лиссиэйигэр «Учуутал үтүө аатыгар...» диэн тэрээһин ыытылынна. Былаан быһыытынан «Сырдыкка салайбыт суолгунан» кураторскай чаастар, «Физика, математика наукаларын уобалаһыгар стипендиаттар» анал стендэни арыйыы буолла. 5‒6 кылаастарга «Физмат дьиэ - кэргэн», 7‒8 кылаастарга «Физическэй эстафета» күрэхтэр ыытылыннылар. Улахан кылаас оҕолоро, лиссиэйи бүтэрбиттэр уонна ыалдьыттар «Физическэй диктант» суруйдулар. Педколлектив, ыалдьыттар, лиссиэйи бүтэрбиттэр «Өйбөр-санаабар өрүү баар…» диэн түһүмэххэ түмүстүлэр.
Уһун сылларга Майа орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР норуот үөрэҕириитигэр туйгуна, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданина Гаврил Афанасьевич Герасимов аатынан «Математика предметигэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин» анал стипендияны 2002 с. бэйэтэ олохтоон, билигин оҕолоро салҕаан дьаныардаах, үөрэххэ үрдүк көрдөрүүлээх оҕолорго туттараллар. Ааспыт үөрэх сылыгар РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириигэ туйгуна Альбина Гаврильевна Павлова аатынан «Физика предметигэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин» анал стипендияны 2007 сыллаахха Майа гимназиятын бүтэрбит 11‒1 кылаас оҕолоро учууталларыгар сүгүрүйэн олохтообуттара.
Альбина Гаврильевна лиссиэйгэ (гимназияҕа) үөрэппит бастакы үөрэнээччилэрэ Москва, Санкт-Петербург, Красноярск, Томск, Новосибирск, Дьокуускай куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэхтэрин бүтэрэн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кинилэр олох араас эйгэтигэр производство, наука, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, информационнай технология, финансовай‒банковскай ситим уо.д.а. араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. Оттон кэлин үөрэнэн бүтэрбиттэр үөрэхтэрин салгыыллар.
Оҕолор анал үөрэҕи ылалларыгар, идэлэрин таба тайаналларыгар учуутал Альбина Гаврильевна оруолун, үөрэтэр, уһуйар ньыматын туһунан истиҥ-иһирэх ахтыы, санаа атастаһыыта буолла.
|