Ытыктабыллаах биир идэлээхтэрбит – Мэҥэ Хаҥалас улууһун учууталлара, педагогическэй үлэ бэтэрээннэрэ!
Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар идэлээх бырааһынньыкпытынан – Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги күннэтэ түбүгүрэр сыралаах үлэҕит хас биирдии оҕо, ыччат үүнэн сайдан тахсарыгар, бу орто туруу дойдуга бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Учууталлар – ураты идэлээх дьоммут, Саха сирин кэнэҕэскитин түстүүр, ыччаты уһуйар аналлаахпыт. Күн бүгүн кэнчээри ыччаппыт үүнэн-сайдан тахсарыгар учууталлар үлэлээн-хамсаан үгүс сыраларын уура сылдьаллар. Быйылгы үөрэх дьыла дойду үрдүнэн Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылыгар саҕаланарынан уратылаах. Сыл устата араас хабааннаах уонна ис хоһоонноох тэрээһиннэр бара тураллар уонна салгыы ыытыллаллара былааннанар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин тиһигэр саҥа үөрэх дьыла өссө биир ураты суолталаах. 2024 сылга биһиги улууспутугар маҥнайгы оскуола тэриллибитин, онтон сиэттэрэн үөрэҕирии ситимэ саҕаламмытын 150 сылын бэлиэтиэхпит.
Күндү учууталлар!
Эһиги дьулуурдаах үлэҕитинэн Мэҥэ Хаҥаласпыт үөрэҕириитин тиһигэ үс үйэни уҥуордаан сайдан кэллэ. Үөрэх тэрилтэлэригэр хас биирдии үгэс, хас биирдии саҥаны киллэрии инники күөнүгэр Учуутал турар. Эһиги күннэтэ толорор, сороҕор көстүбэт, сороҕор ситэ сыаналаммат дьаныардаах үлэҕит - олохпут сүрүн оҥкула. Улахан буукубаттан суруллар Учууталлар баар буоланнар сахабыт норуота сайдар кэскиллээх, тапталлаах улууспут инникигэ эрэллээх.
Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр!
Эһиги сүрэххит уонна дууһаҕыт сылааһын оҕоҕо аныыр, кэнчээри ыччаппыт оҕо сааһын аргыһа буолар дьоллоох дьоҥҥут. Аан дойдутааҕы Учуутал күнүгэр эһиэхэ айымньылаах, улахан эппиэтинэстээх үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, ырааҕы, киэҥи көрүүнү, дьолу-соргуну, чэгиэн буолууну, үрдүктэн үрдүк, саҥаттан саҥа кирбиини дабайан иһэргитигэр баҕарабыт! Үүнэр күҥҥүт алгыһынан арчыланнын, үөрүүнү эрэ үксэттин, үтүөнү эрэ тосхойдун!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига
Гаврил Николаевич Толстяков
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союһун бэрэссэдээтэлэ
Иннокентий Михайлович Скрябин |