Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Р. Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Педагог уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр “Үгэс уонна аныгы кэм” диэн Улуустааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар эбии үөрэхтээһин киин уһуйааччыларын уонна оҕолорун уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатын арыйар үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.
Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтэн, тилиннэрэн, онно тирэҕирэн сайдыы суолталанна. Улуустааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар эбии үөрэхтээһин киинин уһуйааччылара бу сүрүн санааны саҕааччыларынан буолаллар. Быыстапкаҕа бэйэ-бэйэлэригэр хатыласпат, ураты дьарыктаах педагогтар Романов Лука Афанасьевич, Ефимова Алена Андреевна, Захаров Эдуард Титович уонна Баишев Евгений Михайлович өбүгэ үөрүйэҕин аныгы сатабылы кытта дьүөрэлээн, оҕону үтүө сиэрдээх буоларга, тус дьоҕуру таба тайанан идэтийиигэ уһуйалларын көрдөрүүгэ туруордулар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Россияҕа педагог уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл директора Михаил Иванович Масаха туоһу суруктары туттарда, Эдуард Титович уонна Евгений Михайлович улуус үөрэҕириигэ салалтатын Грамотатынан наҕараадаланнылар. Алена Андреевна «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын грамотатын баһылык солбуйааччытыттан Вячеслав Иннокентьевич Санниковтан тутта. Таһыччы таһымнаах уус киһибит, мындыр толкуйдаах Лука Афанасьевич Г. Колесов аатынан Олонхо дьиэтин бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланна.
Үүнэр көлүөнэбит төрүт үгэстэрин өрө тутан, сатабылы баһылаан, саха буоларынан киэн тутта улаатарыгар бары дьоҕурдарын, күүстэрин уурар уһуйааччыларбытыгар айымньылаах үлэни!
|