|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Январь » 20 » «УҺУЙААҤҤА ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫНАН МЕДИА ЭЙГЭНИ ТЭРИЙИИ» СЕМИНАР
14:02
«УҺУЙААҤҤА ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫНАН МЕДИА ЭЙГЭНИ ТЭРИЙИИ» СЕМИНАР

Тохсунньу 19 күнүгэр улуус үөрэҕириигэ салалтатын көҕүлээһининэн, «Кэнчээри» оҕону сайыннарар кииҥҥэ «Уһуйааҥҥа төрөөбүт тылынан медиа эйгэни тэрийии» семинар, улуус оҕо тэрилтэлэрин иитээччилэригэр анаан ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ улуус уһуйааннарыттан уопсайа 26 педагог кытынна.

Кэнники кэмҥэ оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарарыгар болҕомтону ууруу күүһүрдэ. “Кэнчээри” уһуйаан бу хайысхаҕа өр сылларга үлэлээн кэлбит уопутун, кэллиэгэлэрин кытта үллэһиннэ, уһуйаан иһинэн үлэлиир медийнай эйгэҕэ сыһыаннаах бырайыактарын сырдаттылар, билиһиннэрдилэр.

Ол курдук, 2016 сылтан үлэлиир “Чөмчүүк саас сэргэх күнэ”араадьыйа эфиирэ бырайыак биир идэлээхтэр сэҥээриилэрин ылла. Бу күн араадьыйа саҥа үлэлиир муннуктаммытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта буолла. Бырайыак салайааччылара араадьыйа үлэтин ис хоһоонун, былааннааһыны сиһилии кэпсээтилэр, оҕолорго хайдах ыытылларын көрдөрдүлэр.

Маны таһынан элбэх сонун бырайыактар үлэлэрин сырдаттылар: «Чаҕылыс» киинэ саалата, «Сулусчаан» ойуулук оҥорор устуудьуйа, «Мичээр» иитээччилэр айар холбоһуктара, «Күнчээн» тыйаатыр куруһуога, «КУБИК-Кэнчээри уһуйаан биэриилэрин истин, көрүн» телевизионнай устуудьуйа, «Сырдыкчаан-кинигэ долбуура», “Кэнчээрилиин ааҕыахха”.

«Чаҕылыс» киинэ саалаҕа оҕолор киирэн «Ким доҕордоох, ол дьоллоох» өс хоһоонунан бэйэлэрэ оҥорбут ойуулуктарын көрдүлэр уонна ырыттылар. «Күнчээн» тыйаатыр куруһуогун иитиллээччилэрэ И. Крылов «Тураах уонна саһыл» үгэтин оонньоон көрдөрдүлэр, «Мичээр» иитээччилэр айар холбоһуктара «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо бэйэлэрэ оҥорбут куукулаларын көрдөрдүлэр. Маны таһынан «Сырдыкчаан-кинигэ долбуура» бырайыагы кытта ыкса үлэлиир улуустааҕы оҕо библиотекатын үлэһиттэрэ Игнатьева Ю.А., Федорова С.А. оҕолорго кыһын туһунан викторина ыыттылар. Ону тэҥэ бу бырайыактар үлэлэринэн уһуллубут элбэх видеороликтар көрдөрүлүннүлэр.

Биир идэлээхтэрбит тэрээһини олус сэргээн, бэйэлэрин үлэлэригэр туһаныахпыт диэн санааларын эттилэр. Түмүккэ кэлбит ыалдьыттарга “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан иитээччилэрин айымньылаах үлэлэриттэн, сахалыы тыыннаах саҥа саҕахтарыттан” диэн бырыйыактар үлэлэрин көрөрөр кьюар куоттаах брошюра бэлэхтээтилэр.

 

Просмотров: 249
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Январь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009