Тыл диэн киһи кэпсэтэр, бодоруһар ньымата буолар. Тыл көмөтүнэн биһиги саныыр санаабытын, иэйиибитин этэбит, тириэрдэбит. Тылы баһылаабыт киһи сайдыылаах, олоххо тирэхтээх, тус санаалаах, айар-тутар дьоҕурдаах уонна ону дьоҥҥо тириэрдэр кыахтаах буолар.
Маны табатык өйдөөн, Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин тылга болҕомто ууран, үлэлээбитэ балай да буолла. Уһуйаан былырыын тохсунньу ыйтан Үөрэх уонна наука министерствотын көҕүлээһининэн «Детсадтарга полилингвальнай үөрэхтээһин» диэн пилотнай проекка киирэн, айымьылаахтык үлэлии сылдьаллар. Кырачааннар төрөөбүт саха уонна доҕордуу нуучча тылларын сэргэ английскай тылы үөрэтэллэр. Бу проект хайдах олоххо киирбитин, оҕоҕо төһө көмөлөөҕүн, оҕолор ылыныыларын көрдөрөр, кэпсиир сыалтан, детсад бу дьыл тохсунньу 17 күнүгэр, биир сыллаах үлэтин түмүгүн улуус детсадтарын кытта үллэһиннэ. Ол курдук улуустааҕы семинар «Араа сөҥнөөх планета» диэн бастакы чааһа Майатааҕы Дмитрий Ходулов аатынан театрга үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна детсад үлэһиттэрэ, оҕолоро үс түһүмэхтэн турар театрилизованнай представление көрдөрдүлэр. Хас биирдии түһүмэххэ оҕолор сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы ырыаны-тойугу сыанаҕа чаҕылхайдык толордулар.
Семинар иккис чааһа практическай хайысхалаах буолла. Күн иккис аҥарыгар Ларионова М.Н., улуустааҕы оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин отделын сүрүн специалиһа уонна Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин сүрүн иитээччитэ Потапова Л.С. оҕо детсадка полингвальнай эйгэҕэ сайдар усулуобуйатын уонна технологиятын кэпсээтилэр. Салгыы Николаева С.П. улахан бөлөхтөргө «Төрөөбүт күн» диэн английскай тыл дьарыгын көрдөрдө. Ону таһынан иитээччилэр Сыдыкбекова М.С., Николаева И.Н., Николаева С.П. Иванова Е.П саха, нуучча, английскай тылы оҕоҕо үөрэтиилэрин туһунан маастар кылаастары ыыттылар, үлэлиир уопуттарын үллэһиннилэр.
Семинарга улуус 17 нэһилиэгиттэн, Майа 4 детсадтарыттан иитээччилэр, ону таһынан английскай тыл учууталлара, куруһуок салайааччылара уопсайа 70-ча киһи кыттыыны ылла. Семинар төгүрүк остуолунан түмүктэннэ. Манна ыалдьыттар тэрээһин үрдүк таһымҥа ааспытын, үс тылы тэҥинэн үөрэтии көдьүүстээхтик барарын иһирэхтик бэлиэтээтилэр.
|