РАЗДЕЛЫ |
|
|
|
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ |
|
|
|
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ |
|
|
|
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ |
|
|
|
ПОИСК |
|
|
|
|
Главная » 2012 » Февраль » 24 » Туйгун үөрэнээччилэр бааллара
15:21 Туйгун үөрэнээччилэр бааллара |
Билиҥҥи үйэ ирдэбилинэн үөрэх биһиги олохпутугар маҥнайгы миэстэђэ сылдьыахтаах, ол туһугар оскуола сађаттан кыһалыннахха, күүһү-уођу ууран туран үөрэх кэрэ эйгэтигэр умсугуйан туран дьарыктаныахтааххын, өйгүн-санаађын сааһыланан үөрэннэххэ эрэ охтон-быстан хаалыаҥ суођа.
Олунньу ый биһиги оскуолабытыгар олус интэриэһинэйдик сађаланна. Ол курдук, хас сылын аайы ыытыллар «Туйгун үөрэнээччилэр баалларыгар» олунньу 9 күнүгэр быйылгы сыл туйгунтан-туйгун үөрэнээччилэрин чиэстээһин буолла. Быйыл биһиги оскуолабытыгар 8 туйгун уонна 32 бастын үөрэхтээх ођолор бааллар. «Туйгун үөрэнээччилэр бааллара» Ороссолуода нэһилиэгин баһылыгын П.П.Трофимов эђэрдэтиттэн сађаланна. Ол кэнниттэн оскуола дириэктэрэ Н.Н.Бугаев тылы салђыы этэн оскуола аатыттан грамота, бэлэх туттартаата. Υөрэнээччилэргэ анаан бу кун музыкальнай нүөмэрдэр, оонньу-көр буолла.
Үөрэнээччилэр учууталларыгар махтал тылларын, хоһооннорун, ырыаларын бэлэх ууннулар, бэйэ-бэйэлэригэр эђэрдэ тылларын эттилэр уонна үөрэ-көтө бүгүҥҥү күнтэн өссө үрдүк ситиһиилэри дабайаары тарђастылар.
Ороссолуода орто оскуолатын информационнай киинэ |
Просмотров: 1692
|
|
|
Служебный вход |
|
|
|
АНОНСЫ |
|
|
|
КАЛЕНДАРЬ |
|
|
|
СТАТИСТИКА |
|
Онлайн всего: 1 Гостей: 1 Пользователей: 0 |
|
|