Муус устар 9 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр оскуола историятыгар киирэр улахан тэрээһин буолан ааста. Бу күн биир дойдулаахпыт экономическэй наука доктора, Россия естественнэй наукаларын академига, билигин Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи филиалын директорын солбуйааччы, оскуола бастакы мецената, оскуола уонна I Наахара нэһилиэгин попечителэ, биир дойдулаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Пахомов Александр Алексеевич аата оскуолаҕа иҥэриллиитин киэҥ хабааннаахтык бэлиэтээһин буолла. Тэрээһиҥҥэ Республика араас тэрилтэлэрин салайааччылара, улууспут салайааччылара, үөрэх управлениетын специалистара, Александр Алексеевич чугастык алтыһар дьоно ыраахтан- чугастан кэлэн ыалдьыттаан сүргэбитин көтөхтүлэр, инникигэ эрэлбитин күүһүртүлэр.
Тэрээһин биир дойдулаахпыт, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куоракка «Арчы» дьиэтин алгысчыта Михайлов Борис Николаевич алгыһынан саҕаланна. Киириигэ оскуола аата уларыйбыт саҥа суруга ыйанна, Александр Алексеевич олоҕун, үлэтин сырдатар стендэ арылынна, оскуола историятын үөрэтэр түмэл-кабинетка научнай үлэлэрин кэпсиир быыстапка үлэлээтэ.
Ону тэҥэ аан бастакытын Пахомов А.А. аатынан кэтэхтэн ыытыллыбыт региональнай научнай-практическай конференция түмүгэ тахсан кыайыылаах лауреаттар кэлэн бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Барыта 17 улуус кыттыыны ылла. Конференцияҕа 5 уерэнээччилэргэ уонна 4 педагогтарга аналлаах секцияларга барыта 183 дакылаат киирэн дьүүлгэ таҕыста. Барыта 9 секцияҕа техническэй, экономическэй, географическэй, педагогическэй наукалар кандидаттара экспертнэй үлэни салайдылар, улуустааҕы үөрэх управлениетын, Майатааҕы эбии үөрэхтээһин киинин специалистара, оскуола учууталлара үлэлэстилэр. 36 бастыҥ үлэ лауреат, дипломант аатын ыланнар республика араас тэрилтэлэрин, үөрэх управлениетын, Тиэлиги оскуолатын, Пахомовтар аймах сертификаттарынан наҕараадаланнылар, вымпеллары туттулар.
Оскуола коллектива тумус туттар киһибит аата оскуолабытыгар иҥэриллибититтэн үөрэн-көтөн туран инники сайдыыга өссө да үлэлэһиэхпит, оскуолабыт аатын үрдүктүк тутуохпут диэн эрэннэрэбит. |