Алтынньы 20 күнүгэр Улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр “Ыал эйгэтэ” тосхолунан “Дьылҕаны уларытыахха сөп дуо?”, “Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан ситимэ” тренинг-дьарыгы дьиэ кэргэн сайдар тутулун үөрэтээччи, психолог Нина Слободчикова ыытта. Иккис субуота күн ыытыллыбыт сайдам санаа сайдар түһүлгэтигэр эдэр ийэлэр, төрөппүттэр кэлэн кыттыыны ылан, санааларын сааһыланан, дьиэ кэргэттэрин сыһыаннарын нарылаан, сааһылаан, тургутан көрдүлэр. Уопуттаах психолог Нина Ильинична ыыппыт тренинигэр төрөппүттэр көхтөөхтүк кыттан, сүбэ-ама ылан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Кэлэр тэрээһиҥҥэ оҕону эбии үөрэхтээһин киин педагогтара маастар-кылаастары ыыталлара былааннанар.
Зоя Герасимова.
|