Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыгын 2025–2026 үөрэх дьылын түмүгүнэн Спортивнай-маассабай үлэҕэ бастыҥ оскуолалар быһаарылыннылар.Балаһыанньа быһыытынан, күрэхтэһии 4 хайысханан ыытылынна:
1) «Манчаары оҕолоро» комплекснай спартакиада түмүгэ;
2) ГТО нормативтарын туттарыы, оҕолорго спортивнай разрядтары уонна званиялары иҥэрии;
3) миэстэтигэр оскуола, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэри тэрийии;
4) үөрэнээччилэр улуус, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин, Россия, Европа, Аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэригэр кыттыылара, кыайыылара, миэстэлэһиилэрэ, рекорд олохтооһуннара, ону сэргэ учуутал таһымын үрдэтии, уопсастыбаннай, наҕараада уонна сырдатар үлэ.Үөрэх дьылын устата 42 күрэхтэһии ыытыллан, 3 бөлөҕүнэн түмүгэ таҕыста.
Кыайыылаахтар уонна призёрдар:
1-кы бөлөх:
1 миэстэ: В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата
2 миэстэ: Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата
3 миэстэ: И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ
2-с бөлөх:
1 миэстэ: А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолата
2 миэстэ: С.З. Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолата
3 миэстэ: А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолата
3-с бөлөх:
1 миэстэ: Н.Д. Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолата
2 миэстэ: Алтан орто оскуолата
3 миэстэ: С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата
Күндү кыттааччылар, кыайыылаахтар уонна призёрдар!
Эһигини үрдүк ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу кыайыы – хас биирдии үөрэнээччи, тренер, учуутал уонна төрөппүт кыһамньылаах үлэлэрин, тулуурун уонна дьулуурун түмүгэ. Инники диэки эрэллээхтик, кыайыыны кынат оҥостон, өссө да үрдүк ситиһиилэри, саҥа рекордтары олохтуургутугар баҕарабыт!


 |