Аҕа Дойду Геройдарын декадатын чэрчитинэн уонна киэн туттар биир дойдулаахпыт Советская Союз Героя Ф.К. Попов төрөөбүт күнүн көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун оскуолаларын патриотическай кулууптарын ортолоругар “Снежный барс” байыаннай-спортивнай оонньуулар ыытылыннылар.
Юнармеецтар хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин строевой хаамыыга, калашников автоматын түргэнник ыһыыга-хомуйууга, автомат магазинын буулдьанан түргэнник иитиигэ, салгын саанан бэргэнник ытыыга, гимнастическай турникка комплекстары оҥорууга, военизированнай эстафетаҕа уонна Аҕа Дойду килбиэннээх историятын тургутууга күрэхтэстилэр. Байыаннай-спортивнай оонньуулар үөрэнээччилэри төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр-үөрэтэр сыаллаах-соруктаах сүрүн тэрээһин буолар.
Ахсынньы 6 күнүгэр Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолатыгар 2-ис бөлөххө “Снежный барс” күрэхтэһиитэ буолан ааста. Барыта 5 оскуола байыаннай-патриотическай кулууптарын хамаандалара күөн көрүстүлэр: И.И. Платонов аатынан Наахара, К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх, Г.И. Соловьев аатынан Ороссолуода, Т.Г. Десяткин аатынан Тумул уонна олохтоох Хорообут орто оскуолалара.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар күрэхтэһии кыттыылаахтарын Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Юрьевич Бродников, бэтэрээннэр сэбиэттэрин аатыттан Наталья Александровна Борисова эҕэрдэлээтилэр. Киэн туттар биир дойдулаахпыт Советскай Союз Героя Ф.К. Попов холобуругар эдэр кэскиллээх көлүөнэ төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буола улааталларыгар баҕа санааларын эттилэр. Байыаннай-спортивнай оонньуулар күрэхтэһиилэригэр уонна куонкурустарыгар бары хамаандалар кыайыыга дьулуурдарын көрдөрдүлэр. Уопсай түмүк кыайыылаахтарынан таҕыстылар:
1-кы миэстэ - Бүтэйдээх орто оскуолатын “Хоһуун” патриотическай кулууп хамаандата (сал. Семенов Н.Н.);
2-ис миэстэ - Хорообут орто оскуолатын “Юный патриот” патриотическай кулууп хамаандата (сал. Андреев Н.П.);
3-үс миэстэ – Наахара орто оскуолатын “Эрэл” патриотическай кулууп хамаандата (сал.Васильев П.В.).
Ахсынньы 7 күнүгэр В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар 1-кы бөлөх оскуолар ортолоругар күрэхтэһии буолан ааста. Барыта 8 оскуола байыаннай-патриотическай кулууптара кытыннылар: Советскай Союз Героя Ф.К. Попов аатынан Баатара, М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх, Аллараа Бэстээх №2, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү, И.Г. Игнатьев аатынан Хара, И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей уонна В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолалара.
Патриотическай тэрээһин бочуоттаах ыалдьыттарынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара гвардии прапорщик Гаян Александрович Харлампьев уонна гвардии сержант, десантно-штурмовой бөлөх командира Николай Валерьевич Кузьмин буоллулар. Николай Валерьевич күрэхтэһиини судьуйаласта, Гаян Александрович Аллараа-Бэстээх орто оскуолатын ОБЗР учуутала буоларынан үөрэнээччилэрин хамаандатын кытыннарда.
Бары юнармеецтар үчүгэй бэлэмнээх кэлэннэр күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык барда. Түмүккэ кыайыылаахтарынан буоллулар:
1-кы миэстэ – Аллараа Бэстээх №2 орто оскуолатын “Факел” патриотическай кулууп хамаандата (сал. Нестерев А.А.);
2-ис миэстэ - Баатара орто оскуолатын “Кадеты” патриотическай кулууп хамаандата (сал. Сосин А.Е.);
3-үс миэстэ – В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын “Беркут” патриотическай кулууп хамаандата (сал.Борисов Н.Л.).
“Снежный барс” байыаннай-спортивнай оонньуулар бөлөхтөргө кыайыылаахтара, үөрэнээччилэр уонна хамаанда салайааччылара улуустааҕы үөрэх салалтатыттан дипломнарынан, мэтээллэринэн наҕараадалыннылар. Бастакы бөлөх кыайыылаахтара “Доблесть” Мэҥэ Хаҥалас улууһун бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин уопсастыбаларын ааттыттан сыаналаах карталары, бары кытааччы оҕолор Саҥа Дьыллааҕы минньигэстэри туттулар.
Бастакы уонна иккис бөлөххө кыайыылаах тахсыбыт байыаннай-патриотическай кулууп хамаандалара кэлэр 2025 сыл олунньутугар улуустааҕы финалга кыттыахтара.
Тарасов Н.П., улуустааҕы үөрэх салалтатын кылаабынай исписэлииһэ
|