Олунньу 2 күнүгэр А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут «Скаzка – остуоруйа» аһаҕас үҥкүү күрэҕэ буолан ааста. Бу тэрээһин Мэлдьэхси оскуолатын «Тэлээрис» үҥкүү ансаамбылын тэриллибит бэлиэ күнүгэр, салайааччы Мария Дмитриевна Куприянова көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Күрэх сүрүн уратыта оҕолору араас дойду остуоруйаларын кытта билиһиннэрии буолар. Быйылгы күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананна.
Күрэххэ Хаптаҕай, Матта, Майа, Мэлдьэхси, Төхтүр, Павловскай, Төҥүлү, Хорообут, Ороссолуода нэһилиэктэриттэн уонна Дьокуускай куораттан барыта 214 кыттааччы, 23 нүөмэринэн кытынна. Күрэх «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин директора Александра Альбертовна Охлопкова, Мэлдьэхси орто оскуолатын директоры иитии чааһыгар солбуйааччы Туяра Климентовна Яковлева эҕэрдэ тыл этиилэриттэн арылынна. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Мэлдьэхси Аҕа баһылыга – Валерий Георгиевич Никифоров, «Кэрэли» оҕо эбии үөрэхтээһин иитээччи педагога Ирина Григорьевна Борисова, Бэдьимэ нэһилиэгин хореограва Гликория Матвеевна Аргунова, «Тэлээрис» үҥкүү коллестивын выпускнинцата Евгения Брызгалова үлэлээтилэр.
Түмүккэ «За мастерство педагога» Антонова Айталина Альбертовна, Хаптаҕай оскуолата, «Лучший костюм», Майа, «За яркий сценический образ», Майа, «Кылаан кыайыылааҕынан» олохтоох дьаһалта туруорбут 10 тыһыынча харчытынан наҕараадаланнылар Төхтүрдээҕи оҕо искусствотын оскуолатын 3 кылааһын үҥкүүһүттэрэ.
,
|