Сэтинньи 25 күнүгэр сыллааҕы үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын куурсун тиһэх тэрээһинэ буолла. Темата: “Кулаковские чтения. Проектно-целевой подход в стратегическом управлении”.
Үлэ алта хайысхана хайдыһан буолла: «Реализация федерального проекта ЦОС», «Түсчүт»: проекты «Подари радость», «Образование без границ», Проект «Сайын сайын», Проект «Хоһоон хонуута», Проект «Бас көс дьон түмсүүтэ», Проект «Удьуор утума». Хас биирдии группа кэлин отчуоттаата, түмүгүн таһаарда.
Кыттыыны ыллылар: Кулаковская - Велисаблевич Лариса Реасовна - Өксөкүлээх сиэнэ, тас дойдуларга олорор сахалары түмэр общественнай деятель (Сербияттан холбонно), Неустроева Саргылана Александровна – Председатель общественного совета федерального партийного проекта Историческая память в РС Я, “Үс-кут, үс сэргэ” түмсүү салайааччыта, Сивцева Изабелла Александровна - Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта, Таатта улууһун “А.Е. Кулаковскай аатынан оскуола” учууталлара, “Өксөкүлээх үбүлүөйүгэр аналлаах республикаҕа ыытыллар оҕо ыһыаҕын” туһунан кэпсээтилэр. (Аввакумова Октябрина Николаевна, Попова Татьяна Львовна).
|