Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев 2023-2027 сс. саха литературатын төрүттээччи, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы, бөлүһүөк суруйааччы, общественнай лидер Кулаковскай А.Е.- Өксөкүлээх Өлөксөй сылларынан биллэрдэ. Онно олоҕуран Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр биһиги бастакы Президеммит М.Е.Николаев киинигэр киниэхэ аналлаах сахалыы мөккүөр түһүлгэтэ улахан тэрээһин буолан ааста.
Бу тэрээһиҥҥэ икки улахан улуус оскуолаларын 4-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталлара,күрэҕи сыаналыыр экспердэр кыттыыны ыллылар. Сүрүн ирдэбилэ уол оҕону төрөөбүт тылынан санаатын сааһылаан тиэрдиитин, мөккүөргэ кыттыытын көҕүлээһин. Тэрээһин интэриэһи тарта. Кыра уолаттар "Аман өс " күрэҕэр, 5-11 кылаас уолаттарыгар мөккүөр түһүлгэтэ ыытылынна. Күрэх үс бөлөҕүнэн ыытылынна: 5-6 кылаастар, 7-8 кылаастар, 9-11 кылаастар ону кытта биир учуутал оонньоһор. Бу күрэх үс киһиттэн турар хамаанданан оонньуу буолар, бэйэтэ туспа быраабылалардаах. Онон оонньооччулары да, көрөөччүлэри да интэриэһиргэтэр интеллектуальнай күрэх. Манна бэлэмнэниигэ уолаттар сүрдээх элбэҕи билэллэр, сатабылга үөрэнэллэр. Тиэмэтэ бөлөҕүнэн тус –туһунан буолар. 7-8 кылаас уолаттарыгар - Саха сирин барҕа баайа бараныан сөп дуо? 9-11 кылаастарга - Глобализация уонна аҕыйах ахсааннаах норуот инники дьылҕата диэн.
Күрэх түмүгүнэн Майа лицейин 7-8 кылааһын "Дархан" уолаттарга хамаандата муҥутуур кыайыылаах аатын сүктэ. Онно оонньоотулар: Иванов Алквиад -1 спикер, Петров Максим -2 спикер, Лазарев Аман -3 спикер. Улахаттарга: Осипов Айсен, 10 кылаас үөрэнээччитэ, Петров Георгий, 11 кылаас үөрэнээччитэ уонна учуутал Судико Павел Анатольевич финалга кыайан муҥутуур кыайыылаах аатын ыллылар. Бастыҥ оонньооччу аатын Осипов Айсен ылан анал туоһу суругунан, кинигэнэн бэлиэтэннэ. Лицей уолаттарын хамаандатын наставник учууталлар бэлэмнээтилэр: Кычкин Андрей Владимирович, Гермогенова Тамара Валериевна, Судико Павел Анатольевич, Слободчикова Тамара Егоровна.
Маннык тэрээһин саҕаламмыта олус инникилээх. Тэрээһини тэрийиигэ кыттыбыт В.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын коллективыгар, чуолаан Пудова Светлана Дмитриевнаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин бу тэрээһин кэҥээн иһэригэр баҕарабыт.
Майа лицейин пресс-киинэ
|