|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Декабрь » 1 » Саха саарына Кузьма Осипович Гаврилов
14:54
Саха саарына Кузьма Осипович Гаврилов

Бүгүн ахсынньы 1 күнүгэр биллиилээх биир дойдулаахпыт К.О. Гаврилов төрөөбүт күнэ. Кэлэр сылга ахсынньыга 135 сылын туолуоҕа.

Кини 1890 с ахсынньы 1 күнүгэр Мэҥэ улууһун Тараҕай Куолларатыгар Хоптолоох диэн алааска күн сирин көрбүтэ. Элбэх оҕолоох ыал улахан уола. Аҕата Осип Михайлович, ийэтэ Александра Саввична ыаллара Мааркабыс баайдарга үлэлээбиттэр. Кузьма Мааркабыс баайдар уолларын Михаил Слепцову кытары сыылынай Петр Стуловка ааҕарга, суруйарга үөрэммит. 1898 с Бүтэйдээххэ церковнай-приходскай оскуола аһыллыбытыгар иккис кылааска киирэннэр үөрэммиттэр. Михаил Федорович Слепцов революция иннинэ соҕуруу үөрэнэн үрдүк үөрэхтэнэн сахаҕа маҥнайгы агроном буолбута. Туйгун үөрэнээччини оскуолата, таҥара дьиэтэ, нэһилиэгэ мэктиэлээннэр, көмөлөһөннөр Кууһума куоракка Миссионерскай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Аҕата өлөн бырааттарын, балыстарын иитиигэ ийэтигэр көмөтө тэҥҥэ саҕаланар. 1905 с реальнай училище үөрэнээччитэ. Дойдутуттан, дьонуттан көмөтө суох бэйэтэ үөрэҕин таһынан суруксуттаан, куруусчуттаан үлэлээн айаҕын ииттинэр, төттөрүтүн дьонугар көмөлөһөр. Биир кэмҥэ үөрэммиттэр кини бастыҥ математигын, спортсменын, бэртээхэй уруһуйдьутун, ууһун ахталлар. Дойдутугар устудьуон уол бастакы боруода аты, сэппэрээтэр курдук тэриллэри таһаарбыта. Ийэтинээн Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр 1910 с. ат сүүрдэр дьиэ туттубуттара билигин музей буолан турар. Итиннэ маһы үрэҕинэн уһаарыы, кирпииччэ үктээһинэ курдук саҥаны киллэрбитэ. Бу дьиэҕэ олорон бары бырааттара, балыстара церкөвнай приходскай оскуоланы бүтэрбиттэрэ, үөрэх тыыннаах дьиэ учууталлар уопсайдара буола сылдьыбыта, билигин Үөрэҕирии музейа. 1910 с К. Гаврилов үөрэммит оскуолатыгар махтанан спортивнай площадка тутан бэлэхтээбитэ. Бииргэ үөрэммиттэриттэн саамай чугас доҕоро Чурапчы уола Сэмэн Новгородов этэ. Биирдэһэ саха маҥнайгы лингвиһа, алфавит автора буолбута, Кузьмата сахалыы маннайгы кэпсээн автора. Тыа оҕото диэн суруйар аатынан айбыт кэпсээннэрэ, хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. 1937 с тахсыбыт Улахан Сэбиэскэй Энциклопедияҕа К.О. Гаврилов саха эрдэтээҥи суруйааччыларыгар киирэ сылдьар. Доҕоругар Семен Новгородовка алфавита тарҕаныытыгар көмөлөспүтэ, Питерга сыбаайбатыгар шафердаабыта, похоронатыгар сылдьыбыта, кыыһын сүрэхтээбит аҕата буолар Иккиэннэрин истиҥ суруйсуулара баар.

1913 с реальнай учищены бүтэрбит уол биллиилээх атыыһыттарга суоччутунан, суруксутунан, тылбаасчытынан үлэлиир. Онно киниэхэ потребкооперацияны тэрийэр улахан былаан киирэр. К О. Гаврилов Саха кооперациятын аҕатынан ааттанар уонна билиниллэр 1914 с Экономия диэн бастакы эргиэн кооперативын тэрийбитэ. 4 сылынан бу кооператив 67 филиалыгар 10 тыһ. пайщиктаммыта. 1918 с. бэйэтэ ааттаан, съезд ыытан Холбоһу тэрийбитэ. Холбос саҥа былааска, республикаҕа нэһилиэнньэни аһынан, табаарынан хааччыйыыга улахан оруолламмыта ордук гражданскай сэрии сылларыгар. Суруйааччы, кооператор Кузьма Гаврилов Саха омук общество сырдатар үлэлэригэр улахан үлэни ыытыспыта, партията суох интеллигенция биир лидера этэ. Айымньылара бэчээттэнэрэ, тыа сиригэр киинэни киллэрсибитэ, тыл сайдыытыгар үлэлэспитэ. Холбоһо борохуоттааҕа, драгалааҕа, олохтоох оҥорон таһаарар промышленноһы киллэрбитэ, саха дьонун хоргуйууттан быыһаабыта. Саҥа былаас ылынан кинини Москваҕа Саха сирин представительствотын салайааччытынан 1921 с. анаабыта. Бу үрдүк дуоһунаска олорон Гаврилов автаномияны тэрийсибитэ, Саха АССР сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. М.К. Аммосовтыын автономия боппуруоһунан Ленины, Сталины көрсүһүүлэригэр кини сылдьыспыта.

Маҥнайгы кэргэнэ Манньыаттаах уола Василий огдообото Юлия Кауль. 1928 с Дьокуускайга төннөн Холбоһун салайбыта, эргиэн наркомунан үлэлээбитэ. Ити кэмнээҕи үлэтинэн К.О. Гаврилов бэйэтин кэмин бөдөҥ экономиһынан ааттанар. Нам ревкомугар үлэлээбит Мария Харитонованы кэргэн ылан Мэргэн диэн уолланар, Мария диэн кыыстанар. Доруобуйатынан 1930-с сылларга Москваҕа көһөн Союзпушнинаҕа, Союзпродснабка экономистыыр. Сахатын сирин экономиката, эргиэнэ сайдыытыгар улахан көмөнү оҥортообута. Саха АССР бастакы быыстапкаларын ыытыспыта.

1938 с балаҕан ыйын 15 күнүгэр сымыйаҕа буруйданан репрессия сиэртибэтэ буолан ытыллыбыта. Дойдутугар тилиннэрбит киһинэн кыыһа географическай наука доктора, академик Мария Кузьминична Гаврилова буолар. Кини реабилитацияламмыт аҕатын 100 сылын туолар күнүгэр дойдутугар тахсан умнубут, билбэт дьоҥҥо К.О. Гавриловы кэпсээн, билиһиннэрэн барбыта. Ити 1990 сыл ахсынньы 1 күнүттэн Бүтэйдээхтэр улуу киһибитин 35 сыл бииргэ үйэтитиигэ үлэлэһэн кэллибит. Мария Кузьминична кэргэнэ культура биллиилээх деятеля, Ойуунускай бириэмийэтин лауреата Босиков Василий Афанасьевич үтүө аатын бэлиэтиир наадалаах. Билигин Музыка үрдүкү оскуолата В.А. Босиков аатын сүгэр.

1993 с оскуолабыт 100 сааһыгар М.Е. Николаев уурааҕынан Кузьма Осипович Гаврилов аата иҥэриллибитэ, кини туһунан маҥнайгы кинигэ күн сирин көрбүтэ. 1995 с Гавриловтар дьиэлэригэр, уһаайбаларыгар үөрэҕирии музейа аһыллан музей үлэтэ иккис тыыннаммыта, билигин улахан музейнай комплекс буолар. Музейга Гавриловтарга аналлаах хос баар, государственность хоһунаан биирдэр. 1997 с. музей тэлгэһэтигэр К.О. Гавриловка аналлаах памятник оҥоһуллубута. Онно сыллата государственность, суверинитет күннэригэр улуус дьаһалтата кыттыылаах митинг ыытыллара үтүө үгэс буолла.

К.О. Гаврилов аатынан орто оскуола саҥа дьиэҕэ киирэн таһаарыылаахтык үлэлии хамсыы олорор. Гаврилов төрөөбүт күнүгэр улуус таһымнаах научнай Гавриловскай ааҕыыларын ыыталлар, К.О. Гаврилов аатынан бириэмийэ учууталга, үөрэнээччигэ туттарыллар. Саха сирин аныгы биир бастакы меценаттарын М.К. Гаврилова, В.А. Босиков дьыалаларын ыччаттара салҕыыллар. Саха саарына К.О. Гаврилов аата үйэтитиллэн улууспут киинигэр Аллараа Бэстээххэ уулусса, Дьокуускайга Холбос иннинэн сквер баар. Эргиэн колледжа Кини аатын сүкпүтэ даҕаны хомойуох иһин сабыллан хаалла. Ытыллыбыт сирдэрэ Москваҕа көстөн Коммунаркаҕа памятник турда. Кузьма Гаврилов төрөөбүтэ 125 сыла республикаҕа бэлиэтэммитэ, автаномия 100 сылыгар Саха саарына К.О. Гаврилов диэн улахан кинигэтэ тахсыбыта. Бэҕэһээ оскуолабытыгар үгэс буолбут Гавриловскай ааҕыылар ыытылыннылар. Эһиил үбүлүөйдээх сылыгар былааннаах тэрээһиннэр барыахтара.

 

К.О. Гаврилов аатынан оскуола, Сэндиэлэ түмсүү, түмэллэр.

Просмотров: 24
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Декабрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009