Ытыктабыллаах педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, биир идэлээхтэрим, үөрэнээччилэр!
Эһигини барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Бу күн Саха сирин бары олохтоохторугар ураты суолталаах. 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ.
70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, эмиэ ити күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона ылыллыбыта. Бу историческэй суолталаах событиелар түмүктэригэр күн бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүтүн Россия Федерациятыгар тутаах суолталаах регион буола үүннэ-сайынна.
Биһиги бүгүн саха норуотун чулуу уолаттарын - биир дойдулаахтарбытын, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятеллэри өйдөөн-санаан ааһарбыт тоҕоостоох: Кузьма Гаврилов, Николай Петров, Алексей Пономарев, Семен Борисов, Егор Кычкин, Михаил Габышев, Филипп Охлопков, Василий Скрябин, Роберт Бурнашов. Кинилэр бэлитиичэскэй модун санааларынан, төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын күүһүнэн өрөспүүбүлүкэбит өрө күүрүүлээхтик сайдарыгар олук уурбуттара. Кинилэр сырдык ааттарын оскуолаларбыт сүгэллэр, кинилэр олохторо, үлэлэрэ-хамнастара үйэлэр тухары үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар.
Күндү Мэҥэ-Хаҥалас дьоно-сэргэтэ, кэнчээри ыччата!
Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар бары сырдык эрэллээхпит. Ол эрэлбит олоххо киирэригэр хас биирдиибит таһаарыылаах үлэтинэн, бастыҥ үөрэҕинэн, уопсастыбаннай олоххо көҕүнэн кылаатын киллэрдин! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Үөрэҕирии салалтатын начальнигын э.т.
Толстяков Гаврил Николаевич |