Киэҥ сырдык кэскиллээх, үлэһит дьоннордоох, киэн туттар дойдубутугар Майабытыгар - сайдыылаах саҥа олох чэрчитинэн улуустааҕы Үөрэтэр-оҥорон таһаарар кииҥҥэ саҥалыы тутуулаах сварочнай сыах арылынна.
Сэтинньи 2 күнүгэр Үөрэтэр–оҥорон таһаарар кииҥҥэ күүтүүлээх тутуу үлэҕэ киирдэ. Күн бүгүн киин иһинэн үс производственнай салаа үлэлиир: иистэнэр, миэбэл оҥорор сыахтар уонна маһы таҥастыыр пилорама. Улууспутугар биллэриллибит тыа хаһаайыстыбатын сылыгар сөп түбэһиннэрэн, киин төрдүс салаатын - сварочнай сыаҕы арыйда. Сварочнай сыах бырайыагын Валентина Николаевна Васильева (үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин производственнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы) 2011 сылтан көҕүлээн, Москва уонна Санк-Петербург куораттар улахан сыахтар уопуттара үөрэтиллибитэ. Былырыын бырайыак улуус, олохтоох дьаһалта өйөбүлүн ылан, өр сыл турбут эргэ эбийиэги өрөмүөннүүр үлэ саҕаламмыта. Киин уопуттаах сварщига Алексей Васильевич Евсеев сыах салайааччытынан ананан саҥа производственнай салааны көдьүүстээхтик үлэлэтэри былаанныыр. Ол курдук, “лофт” миэбэли, дьоҕус архитектурнай оҥоһуктары оҥорууга соруктар турдулар. Бу бэлиэ күн Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын салайааччыта Толстяков Гаврил Николаевич, Майа сэлиэнньэтэ тыа сирин түөлбэтин баһылыгын бастакы солбуйааччыта Вячеслав Иннокентьевич Санников наҕараадалары туттардылар, туруоруммут соруктар ситиһиллэн туолалларыгар баҕа санааларын эттилэр.
Улуустааҕы Үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин
|