Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран сырдык тыыннарын толук уурбут эһэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт сырдык кэриэстэригэр аналлаах 100 килэмиэтир уһуннаах сүүрүү быйыл 26-с төгүлүн ыытылынна.
Бырайыагы олохтообут Андрей Нестеров “Үрүҥ Уолан” бырагыраама ааптара, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, Бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, тапталлаах эһээтэ буолар. Кини Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар “Факел” байыаннай-патриотическай куруһуок салайааччыта, үрдүк категориялаах учуутал. Сыллата ыытыллар 100 км уһуннаах сүүрүү оскуола оҕолорун төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, тапталлаах, аҕа саастаах көлүөнэҕэ, Кыайыыны уһансыбыт буойуннарга ытыктабыллаах буоларга, уол оҕону эр киһи быһыытынан тулуурга, дьулуурга иитэр суолталаах.
Ыам ыйын 14 күнүгэр Аллараа Бэстээх – Майа – Чүүйэ – Табаҕа маршрутунан ыытыллыбыт 100 килэмиэтир уһуннаах сүүрүүгэ Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх оскуолатыттан 45, В.П.Ларионов аатынан Майатааҕы орто оскуолаттан 7, Павловскай орто оскуолатыттан 7 үөрэнээччи салайааччыларыныын кытыннылар. Тараҕай нэһилиэгэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт, эйэлээх олоҕу аҕалбыт аҕа көлүөнэни кэриэстээн иһийэн турдулар, Кыайыы пааматынньыгар венок уурдулар.
26-с төгүлүн ыытыллыбыт сүүрүүгэ барыта 67 патриот кыттан, улууспут киинигэр Кыайыы монуменыгар кэлэн сүүрүүнү этэҥҥэ түмүктээтилэр. Бырайыак кыттыылаахтара “Умуллубат уокка” гирлянда уурдулар.
Бырайыак ааптара Андрей Андреевич Нестеров 100 км сүүрүү тэрээһинигэр көмөлөспүт оскуолалар салайааччыларыгар махталын тиэрдэр.
Марелла Баишева
|