Кулун тутар 13 күнүгэр Роберт Андреевич Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатыгар Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, педагогическай үлэ ветерана Анна Ивановна Картынен туһунан “Сүрэхпитигэр өрүү тыыннааххын” документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Киинэ Ленинград куорат фашистар блокадаларыттан босхоломмута 80 сылыгар уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 150 сылыгар ананан өр сылларга Табаҕа оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит, ветеран педагог Картынен А.И. аатын үйэтитэр сыаллаах оҥоһуллан таһаарылынна. Киинэ сүрэхтэниитин тэрээһинигэр Анна Ивановна төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, улууспут салайааччылара, ветеран учууталлар, Табаҕа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара уонна нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Анна Ивановна Картынен Ленинград блокадатын иэдээниттэн тыыннаах хаалан, ол кэннэ тус хоту Эдьигээн оройуонугар көскө ыытыллан, хоргуйууну, өлүүнү-сүтүүнү туораан, санаатын күүһүнэн олоххо эрэлин уонна тапталын сүтэрбэтэх ураты дьылҕалаах дьоннортон биирдэстэрэ. Учуутал идэтинэн үлэлээн үгүс көлүөнэ саха ыччатын сырдык олоххо сирдээбит, дьоһуннаах олоҕу олорбут ытык киһи, улахан ыал ийэтэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо.
Документальнай киинэ бастакы чааһа 2000 сылларга “Майа ТВ” студияҕа уһуллубут Картынен А.И. бэйэтин дьылҕатын кэпсээниттэн саҕаланар, иккис чааһыгар үөрэнээччилэрин, оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин, төрөппүт оҕолорун ахтыылара киинэ ис хоһоонун ситэрэн биэрэллэр.
Тэрээһин кыттыылаахтара “Сүрэхпитигэр өрүү тыыннааххын” документальнай киинэ ыччаты иитэр-үөрэтэр суолтата улаханын, ытык көлүөнэ дьон дьоһун олохторо инникигэ холобур буоллалларын бэлиэтээн эттилэр.
Киинэни таҥан оҥорууга, бырайыак олоххо киириитин салайбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун ветераннарын советын председателигэр Максимова Маргарита Михайловнаҕа, бырайыагы көҕүлээччи педагогическай үлэ ветераныгар Шишигина Ульяна Спиридовнаҕа уонна айар бөлөх састаабыгар Картынен А.И. төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ истиҥ махталларын тириэртилэр.
Н.П. Тарасов, иитэр үлэ уонна эбии үөрэхтээһин отделын кылаабынай исписэлииһэ
|