|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Январь » 5 » Рубрика СЛОВО О НАСТАВНИКЕ
12:40
Рубрика СЛОВО О НАСТАВНИКЕ

Сирдьит буолар сулуспут!

45 сыл усталаах туоратыгар биир сиртэн халбарыйбакка, талан ылбыт идэҕэ урдук ситиһиилээхтик, биир кэм урдук өрөгөйдөөхтүк улэлээн-хамсаан, дьон- норуот, оҕо- аймах убаастабылын, билиниитин ылар эттэххэ эрэ дөбөҥ буоллаҕа. Ону ситиспит киһи бэйэтэ эрэ дьиҥ чахчы билэн эрдэҕэ, бу барыта төһөлөөх үлэттэн, сыраттан, бэйэҕэ ирдэбилтэн ситиһиллэрин. Үлэҕэ таптал, үлэҕэ бэриниилээх буолуу дьолун толору билбит Учууталлар учууталлара, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах улэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, быйылгы үөрэх дьылыгар Саха Республикатын үтүөлээх учуутала үрдүк ааты ылбыт биһиги коллегабыт Стручкова Татьяна Петровна-оннук киһи!

1970 сыллаахха Саха Государственнай университетын бутэрбит, эдэркээн учуутал кыыс, химия, биология учууталынан ананан Алтан 8 кылаастаах оскуолатыгар кэлбитэ. Ол кэмтэн улэҕэ оройунан түһэн сыл хонук диэбиттии устан аастаҕа. Татьяна Петровна үлэтин бастакы 2 сылыгар учууталлыырын таһынан старшай пионер баһаатайдаабыта. Социалистическай үлэ Геройа А.Е.Степанов аатын сүгэр оскуола пионерскай дружината оройуоҥҥа правофланговай аатын ылары ситиспитэ. Бастыҥ үөрэхтээх активист үөрэнээччилэр Бүтүн Союзтааҕы пионерскай лааҕырдарга “Артекка,” “Орленокка” сынньанар чиэскэ тиксибиттэрэ. Бу ситиһии Татьяна Петровна кыахтааҕын, үлэҕэ бэриниилээҕин туоһута буолбут буолуохтаах. Мантан кэнники үлэлээбитин 45 сылыттан 22 сылыгар директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбитэ. Үрдүк ирдэбиллээх, тэрийэр дьоҕурдаах, барыга барытыгар бэйэтинэн холобур буолар завуч оскуола сайдыытын сүрүн укулаата буолбута. Завуч уһун кэмҥэ директор Монастырев Дмитрий Авксентьевичтыын биир санаанан, биир сыалынан салайтаран үлэлээннэр оскуолабытын оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр киллэрбиттэрэ. Ол курдук Татьяна Петровна биолог учуутал буоларын быһыытынан оскуола ис-тас көстүүтүн тупсарыыга кытаанахтык ылсыбыта. Оскуола коллектива күһүн, саас мас олордуутунан, иһирдьэ сибэкки арааһын үүннэриинэн үлүһүйбүппүт. Ол түмүгэр оройуоҥҥа “Күөх оскуола” аатын ылан аатырбыппыт, республикаҕа тиийэ биһирэнэн “Бэлэм буол хаһыакка» хайҕаммыппыт. Совхоз, колхоз ыһылла илигинэ уопсай сүөһүгэ эбии аһылык-гидропон үүннэрэр кыһыҥҥы теплица үлэлээбитэ. Күн бүгүнүгэр диэри хортуопуй олордон кыһыҥҥы хаһааспытын булунар үтүө үгэспит салҕанар. Оройуоҥҥа кабинетнай система киллэриллэн салайааччыларбыт көҕүлээһиннэринэн үлэ күөстүү оргуйбута. Математика, физика, саха тылын уонна Татьяна Петровна бэйэтин кабинета оройуоҥҥа бастакылар кэккэлэригэр киирбитэ. Бу үлэ күн бүгүн салҕанар. Биология кабинета улууска баай матырыйааллааҕынан биллэр. Кэлбит ыалдьыттар хайаан да көрөн, астынан бараллар. Икки сыллааҕыта Татьяна Петровна сайыҥҥы уоппускатыгар кабинетын саҥардан өтүйэ, тоһоҕо тутуурдаах сайылаабыта кэпсээҥҥэ киирбитэ. Завуч уонна директор өр сыллаах үлэлэрин түмүгүнэн 1987 сыллаахха оскуола творческай отчуотун оройуон оскуолаларын директордарыгар үрдүк таһымнаахтык ыытыылара буолбута.

Татьяна Петровна предметник быһыытынан үрдүк методическай бэлэмнээх учуутал. Дэлэҕэ даҕаны кини үөрэтэр предметтэригэр үөрэх хаачыстыбата биологияҕа-80%, химия5а-60% буолуо дуо?! Үөрэнээччилэр улууска ыытыллар олимпиадаларга, ЕГЭ-ҕэ өрүү үрдүк көрдөрүүнү ситиһэннэр барыбытын үөрдэллэр. Татьяна Петровна олоҕу кытта тэҥҥэ сайдар, тэҥҥэ хаамсар. Үөрэнээччилэрин научнай чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүр. Сылын аайы улууска, республика5а тиийэ“Инникигэ хардыыга» кыттан бириистээх миэстэлэри ылаллар. Оттон 2012-13 үөрэх дьылыгар икки үөрэнээччитэ Сидорова Айыына уонна Седалищева Сардаана “Дети. Интеллект. Творчество” диэн Оҕо Аан Дойдутааҕы фестивалыгар II степеннээх дипломант буолан кэлбиттэрэ даҕаны элбэҕи кэпсиир. Оскуола выпускниктарыттан элбэх оҕо биология, химия предметтэрин сөбүлээн үөрэнэн даҕаны биологтар, медиктэр, ветеринарнай үлэһиттэр буоллахтара, сорохтор үөрэнэ сырыттахтара.

Татьяна Петровна Учууталлар учууталлара үрдүк аакка мээнэҕэ тиксибэтэҕэ. Билигин 20 тахса педүлэһиттээх коллектив15 киһитэ бары Татьяна Петровна үөрэнээччилэрэ буолабыт. Бу баар тугунан да кэмнэммэт олох чаҕылхай чахчыта!

Биһиги учууталбыт олоҕун ыраас ытыска курдук билэбит. Учууталлыырын, завучтуурун таһынан общественнай олоххо мэлдьи актыбыыска. Урут общественность бэрэссэдээтэлэ буолан бүтүн нэһилиэк олоҕун салайсара. Зонанан үлэни үүннээн тэһииннээн салайара.Зона начальнига, төрөппүт бэрэссэдээтэлэ, депутат. Билигин да олох үөһүгэр сылдьар. Улуустааҕы Ытык сүбэ чилиэнэ. Нэһилиэккэ ыытыллар мунньахтарга, отчуоттарга хайаан да бэйэтин санаатын этэр, уопсай кыһалҕаны туруорсар активнай позициялаах киһи. Биирдэ эмэ суох буолан, кинини истибэтэхпитинэ, биир бэйэм суохтуур курдукпун.Татьяна Петровна-меценат. Сылын аайы оскуола бастыҥ выпускнигар бэйэтин стипендиятын аныыра үтүө үгэс буолбута ыраатта.

Учууталбыт Татьяна Петровна-спортсменка. Эдэр эрдэҕиттэн остуол тенниһигэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан тэҥнээҕин булбата. Ол курдук Байкалов бирииһин солбуллубат чемпионката, учууталлар профсоюзтарын күрэҕин призера, культура уонна спорт эстафетатын теннискэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Шахмакка, шашкаҕа эмиэ ситиһиилээхтик оонньуура. Былырыын 69 сааһыгар “Сола” үрэх сүнньүгэр олорор нэһилиэктэр көрсүһүүлэригэр теннискэ оонньоон анал бириис хаһаайката буолан үөрбүтэ-көппүтэ.

Татьяна Петровна олус үлэһит киһи. Кини үлэһитин, сүрэхтээҕин Өлөчөй оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ билэр, кэпсээн оҥостор киһилэрэ. Сайын буолла да отчут бэрдэ. Олох аҕыйах сыллаахха диэри кэбиһиилээх от үрдүгэр турар, түсчүт диэн кэпсииллэрэ, оттуу баран иһэн бэйэм да көрөн итэҕэйэн турардаахпын. Окко барарыгар массыына, мотоцикл толорутун да иһин велосипедын үрдүгэр түһэн быһалаан, таарыйа сир астаан сылдьарын туохтааҕар да ордорор. Хамсыы-имсии сылдьар буолан өрүү чэбдик, эрчимнээх , хаһан да сылайдым, ыарырҕаттым диирин истибэккин. Саас эрдэттэн оҕуруот аһын арааһын рассадалаан түҥэтэр идэлээх. Инньэ гынан хаһаайкалар киниттэн үөрэнэн, билигин ыал барыта оҕуруоттаах, сайынын сибиэһэй аһынан аһаан, кыһыҥҥыга хаһаанан үгүс киһи махталын ылыан ыллаҕа дии саныыгын. Стручковтар саха ыалын сиэринэн сүөһү-сылгы иитэр үтүө үгэһи тутуһаллар. Бу бүппэт түбүктээх үлэ дьиэ кэргэн бары биир сомоҕо буолан үлэлээн-хамсаан, үмүрүтэн иһэр буоланнар, кыайа-хото тутан олороллор.

Ыал аҕата Стручков Роман Егорович бэйэтин кэмигэр совхоз, колхоз,оройуон бастыҥ сылгыһыттарыттан биирдэстэрэ этэ. Билигин пенсияҕа олорон дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын туллубат тутааҕа, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга. Стручковтар икки уол оҕолоохтор. Иккиэн ийэлэрин туйаҕын хатаран учуутал идэлээхтэр. Саха государственнай университетын бүтэрэн Алтан орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ торолуйа үүнэрин курдук Татьяна Петровна аатын ааттатар учуутал уолаттардаах, киэн туттар үгүс элбэх үөрэнээччилэрдээх.

Убаастыыр, холобур оҥостор күндү учууталбыт, коллегабыт Татьяна Петровна уһун сыллаах сыралаах үлэтин кэмигэр сыаналаан Саха Республикатын үтүөлээх учуутала ааты иҥэрбит салайааччыларбытыгар барҕа Махтал тылларын тиэрдэбит!

Ахтыыны суруйда Татьяна Петровна бастакы үөрэнээччитэ,

34 сыл бииргэ үлэлээбит коллегата Билюкина Матрена Николаевна,

Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Алтан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Тохсунньу, 2015 сыл

Просмотров: 436
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Январь 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009