|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Январь » 3 » Рубрика СЛОВО О НАСТАВНИКЕ
12:13
Рубрика СЛОВО О НАСТАВНИКЕ

Оҕоҕо анаммыт олох

«Учуутал! Сүрэҕиҥ сылааһын,

баай дириҥ билиигин

хас биирдии үөрэнэр оҕоҕор биэрэҕин…»

М.Куличкина

Олох диэн наһаа уустук, ол быыһыгар сибэкки симэҕин курдук сиэдэрэй.

Олох күлүмнүүр сыдьаайын, дьолун-соргутун, эриэккэһин көрөҕүн сорох дьоллоох ыал үүт-тураан олохторугар, күннэтэ мичээрдээх харахтарыгар, убаастаһар, өйдөһөр сүрэхтэригэр, намыын-намчы, эйэҕэс майгыларыгар, киэҥ билиилэригэр-көрүүлэригэр, истиҥ сыһыаннарыгар, үлэнэн үлүһүйэр үрдүк аналларыгар, сиргэ-уокка, дьоҥҥо-сэргэҕэ тапталларыгар, онтон да үгүһү этэ туруохха сөп эбитэ буолуо…

Онон үтүө санаа, билии-көрүү уонна таптал баар буоллаҕына, ыал дьоллоох буолар. Маннык дьиэ кэргэни кытта күннэтэ алтыстахха, «эн-мин» дэһэн, итии чэйдэрин иһэ-иһэ, оргууй сэһэргэстэххинэ, сүбэ-ама ыллаххына, «дьоллоох да дьоннор» диэн истиҥ иэйиигэ ыллардаххына, бэйэҥ олоххо кынаттаммыт, алгыс ылбыт саҕа сананаҕын, олоххо тардыһыыҥ күүһүрэргэ дылы буолар.

Киһи киһиттэн үтүөҕэ, үйэлээххэ, кэрэҕэ уһуйуллуута диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Мин бүгүн бу кылгас суруйуубар ахтар дьонум Иван Петрович, Роза Семеновна Брызгаловтар, итинник дьол уйата уйаламмыт ыаллара этилэр, кинилэр истиҥ-иһирэх тапталларынан тус бэйэлэрин оҕолоругар, үөрэппит үөрэнээччилэригэр, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэригэр сыдьаайан, үөрэтэн-иитэн, үлэлээн-хамнаан, холобур буолан, бу орто дойдуга олорон ааспыттара.

«Эйигинэ суох олоҕу ылыммаппын,» - диэн таптал ымыылаах, улахан дьиэ кэргэн күҥҥэ тэҥнээх күндү төрөппүттэрин, ийэлэрин, аҕаларын, тус олохторун омоон суолун остуоруйата уһун, көнө, сир симэҕэ кэнчээрилээх.

Роза Семеновна, Иван Петрович Брызгаловтар Төҥүлү бөһүөлэгин биир мааны, сис ыаллара этилэр. Бу дойдуну таптаан, дьиэ-уот туттан, олохсуйбуттара, алта оҕону көччөх гынан көтүтэн, үөрэхтээн, үлэһит, ыал оҥортоон, сиэн бүөбэйдээн, «эһээ-эбээ» дэтэр үөрүүнү билбиттэрэ.

Кинилэр иккиэн өр сылларга Төҥүлү орто оскуолатыгар үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэр.

Иван Петрович нуучча тылын, литературатын үөрэппитэ, Роза Семеновна – директоры үөрэх чааһын солбуйааччыта этэ. Сыл-хонук төһө да суккуллан аастар, куруук күлэ-үөрэ сылдьар, сэмэй Иван Петрович, намыын, киэҥ-холку Роза Семеновна сырдык мөссүөннэрэ умнуллубаттыы, өйгө-санааҕа иҥмиттэр.

Ол кэмнэргэ оройуоҥҥа, республикаҕа үөрэтэр-иитэр үлэ саҥа ньымаларын киллэриигэ Төҥүлү оскуолатын коллектива көҕүлээччинэн, тарҕатааччынан буолбута. Ол курдук производственнай үөрэхтээһин, Липецкэй оскуолаларын, В.А.Сухомлинскай опыттарын олоххо киллэрии, коммунарскай хамсааһын, «Маяковец» кулууп, предметнэй кабинеттары тэрийии, оҕону идэҕэ бэлэмнээһин, олорор сирдэринэн үлэ о.д.а. үөрэтии, иитии саҥа көрүҥнэри оскуолаҕа былааннаахтык киллэрэн оройуоҥҥа, республикаҕа аатырбыта, үгүс семинардар, курстар, аһаҕас уруоктар, научнай дакылааттар ааҕыылара, үлэ опытын тарҕатыы быһыытынан, утумнаахтык ыытыллаллара. Оччолорго оскуола директорынан Титов Е.Д., завучтарынан Брызгалова Р.С., Птицына А.А., Аргунова Л.С. таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Оскуола кинилэр салайбыт кэмнэригэр, үлэтинэн үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта, хас биирдии учуутал билиитин-көрүүтүн, уруогу ыытыытын таһыма үрдүүрүгэр улахан болҕомто ууруллубута. Онуоха Роза Семеновна, салайааччы быһыытынан, сытыары-сымнаҕас, намыын холку майгыта, киэҥ билиитэ-көрүүтэ, ылыннарыылаах тыла-өһө, үтүөнү эрэ баҕарар ийэлии кыһамньыта, ирдэбилэ, эппиэтинэһэ, сүбэтэ-амата, муударай өйө-санаата үгүспүтүгэр көмө, тирэх, өйөбүл буолара, саҥаны ылынарга, толкуйдаан тобуларга, үлэлииргэ-хамныырга күһэйэрэ.

Мин, тус бэйэм, маннык үтүөкэн дьону кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыппын истиҥник-иһирэхтик саныыбын уонна убаастыыр-ытыктыыр дьонум Иван Петрович, Роза Семеновна Брызгаловтар олохторо, үлэлэрэ – барыта оҕо туһугар анаммыта диэн этиэхпин баҕарабын. Үөһэ суруйбутум курдук, кинилэр олохторун омоон суоллара сир симэҕэ кэнчээрилээх, Брызгаловтар ыччаттара дьоннорун үтүө үгэстэрин салгыахтара, үйэлээх ааттарын чиэстээхтик ааттатыахтара диэн эрэли кытта кылгас ахтыыбын түмүктүүбүн.

Вера СОТНИКОВА,

РФ үөрэҕин туйгуна. 2016 с.

Просмотров: 361
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Январь 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009