Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр, Майа тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыгын Алексей Иннокентьевич Неустроевы кытта Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин эдэр суруналыыстара Российскай Федерация төрүт сокуонун Конституциятын туһунан бэйэтин санаатын этэригэр интервью ыллылар. Ол курдук, Конституция киирии чааһа туох диэн ааттанарый, «Референдум» диэн өйдөбүл, олохтоох дьаһалталар тустарынан, Конституция күнэ ханнык салайааччы кэмигэр бигэргэтиллибитэй, 2020 сыллаахха ханнык хайысхаларга эбии уларыйыылар киирбиттэрин тустарынан сэһэргэстилэр. Медиажурналистика эдэр корреспонденнара Олеся Тимофеева, Саина Дьячковская, Раиса Тимофеева, салайааччы Федор Федорович Жирков өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыаты кытта ыкса үлэлэһэр, биир сонун материал тахсарыгар үлэлэстилэр.
Эдэр корреспонденнарбытыгар айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри!
Майа лиссиэйин пресс-сулууспата
|