Муус устар 7 күнүгэр Майаҕа “Кыталык” общественнай кииҥҥэ Социальнай политика управлениетыгар үөрэх үлэһиттэрин профсоюзтарын председателлэрин сүбэ мунньаҕа буолан ааста.
Барыта улуус 50-н тахса үөрэҕин тэрилтэлэрэ кытыннылар. Мунньахха үөрэх салалтатын начальнига Ирина Васильевна кыттыыны ылла уонна 2021 сылга үлэ түмүгүн, 2022 сылга ыытыллыахтаах соруктарын билиһиннэрдэ. Ыччаты, дьиэ кэргэни кытары үлэлиир Социальнай политика управлениетын салайааччыта Ирина Егоровна Назарова ыччаты, эдэр ыаллары кытары үлэни, кинилэргэ туох көмө көрүллэрин, общественнай некоммерческай хамсааһыҥҥа хайдах кыттыахха сөбүн билиһиннэрдэ. Сынньалаҥ кэмигэр бүтүн Аан дойдутааҕы доруобуйа бөҕөргөтүүтүгэр “Зарядка для всех” хамсааһыҥҥа кыттыы тэрилиннэ. Ол кэннэ “Кэскил” ППМС киин специалиһын психология тематыгар иһиттибит, ону тэҥэ 2021 сылга үлэ былаанын туолуута ырытылынна, 2022 сылга саҥа былаан ылылынна.
Скрябин И.М., улуус үөрэҕин үлэһиттэрин профсоюһун председателэ
|