Бэс ыйын 5-11 күннэригэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатын түмүктүүр түһүмэхтэрэ ыытылла тураллар. Манна Мэҥэ Хаҥалас улууһун 12 оскуолатыттан 90 оҕо 9 көрүҥҥэ кытта киирдэ. Бүгүн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Гаврил Толстяков, спорт уонна физическэй култуура салалтатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Алексей Попов, В.П. Уваров аатынан олимпийскай эрэллэр оскуолаларын дириэктэрэ Дьулустаан Захаров оҕолору кытта көрсөннөр алгыс тылларын эттилэр, улуустарын аатын чиэстээхтик көмүскүүллэригэр баҕардылар. Маннык спартакиада аан маҥнай 1994 сыллаахха ыытыллыбыта. Билигин физическэй култуура уонна оҕо спордун эйгэтин, үүнэр көлүөнэни сайыннарыыга судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрэр соруктаах Ил Дархан сорудаҕынан сөргүтүлүннэ.
Быйыл Дьокуускай куораттан уонна өрөспүүбүлүкэбит 31 улууһуттан барыта 1,4 тыһыынчаттан тахса оҕо чэпчэки атлетика, саахымат, бокс, көҥүл тустуу, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, баскетбол 3*3, бадминтон, остуол тенниһын көрүҥнэригэр түмүктүүр түһүмэхтэргэ күөн-көрсүөхтэрэ. Бырагыраамаҕа успуорт 27 көрүҥэ киирэр, сорох көрүҥнэргэ түмүктүүр түһүмэхтэр номнуо ыытыллыбыттара. Күрэхтэһии түмүгүнэн Арассыыйа үөрэнээччилэрин спартакиадатын түмүктүүр түһүмэҕэр кыттар эрэгийиэн сүүмэрдэммит хамаандатын талыахтара. Улууспут сүүмэрдэммит хамаандатыгар дьулууру, кыайыыны-хотууну баҕарабыт!
|