Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей технологиятын учууталын Птицына Дария Алексеевна "Маллаах иһити сэгэтэн" диэн, 25 сыллааҕы айар үлэтин сырдатар тэрээһинэ ыытылынна.
Күн бастакы аҥаарыгар опыттаах учуутал аһаҕас уруога уонна маастар-кылааһа үрдүк таһымнаахтык ааста. Дария Алексеевна мустубут коллегаларын 3Д уруучуканан үлэлэтэн интириэстэрин тарта. Мустубут ыалдьыттар норуот маастара тэрийбит быыстапкатын сэргээтилэр.
Күн иккис аҥарыгар "Маллаах иһити сэгэтэн" диэн ааттанан, 25 сыллаах үлэ баай уопутун үллэстэр методическай пособие презентацията буолла. Манна элбэх хайысхалаах араас технологическай үлэ көрүҥнэрэ, оҕолору кытта дьарыктар киирбиттэр. Ол курдук кинигэ "Сиэл сэһэнэ", "Туос тойуга", "Кыбытыктаах тигии абылаҥа", "Уран тарбах ураты оҥоһуктара", "Геометрияҕа дьүөрэлии дьарыктар", "3D-уруучуканан уруһуй умсулҕана" диэн Дария Алексеевна бииртэн биир сатабылын арыйан көрдөрөр түһүмэхтэрдээх.
Түмүгэр тэрээһин кыттыылаахтара, лицей ветераннара, улуус технологиятын учууталлара, детсад иитээччилэрэ, социальнай партнердар үрдүк категориялаах технология учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотун маастара Дария Алексеевна Птицына опытын биһирээн, саҥаттан саҥа технологияны киллэрэрин сөҕөн, элбэх истиҥ-иһирэх махтал тылларын этэн, эҕэрдэлээн, өссө да таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни баҕаран тарҕастылар.
Ларионова М.Н., ИМО кылаабынай испэсэлииһэ
|