Ытыктабыллаах Мэҥэ-Хаҥалас улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара
уонна күндү биир идэлээхтэрбит!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин уонна тус бэйэм ааппыттан эhигини былыргы үйэлэр мындааларыгар, ааспыт үйэлэр арҕахтарыгар үөскээбит Үрүҥ Тунах Ыһыах үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Сахабыт сирин чулуу суруйааччыта Күннүк Уурастыырап «ыhыах – саха норуотун уруккутун биhирэмнээх үчүгэй үгэhэ, кини бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥы кэлэр кэскилэ барыта холбоhон түмүллүбүт үтүө үгэhэ», диэн эппитин бэлиэтээн туран биьиги дойдубут, Өрөспүүбүлүкэбит, биьиги кэнчээри ыччаппыт, оҕолорбут инникилэрэ эhиги эрэллээх илиигитигэр буоларын итэҕэйэрбитин, инникигэ сайдыылаах көдьүүстээх үлэ толору ис хоhоонун уонна саҥа билиини, арыйыыны инникитин да аҕалыа, саҥа саҕахтары арыйыа диэн эрэлбитин тириэрдэбин! Дойдубутугар оҕону, кэнчээри ыччаппытын иитэргэ-үөрэтэргэ киирбит уонна киирэр уларыйыылар ис хоhоонноро, ирдэнэр усулуобуйалара, оҕону иитии формалара – барыта үүнэр көлүөнэбит киэҥ билиилээх-көрүүлээх, бары өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар туhуланаллар, ол аата биһиги дойдубут ситиhиилээх инникитин түстүүллэрин бэлиэтиибин.
Бу үөрүүлээх күнү уруйдаан көрсөөрy туран, күннээҕи үлэҕитинэн, үтүө дьыалаҕытынан, амарах санааҕытынан, тулхадыйбат дьулуургутунан дойдубут, Өрөспүүбүлүкэбит үөрэхтээһинэ сайдыытыгар киллэрсэр кылааккыт иhин махтанабын. Инникитин өссө сомоҕолоhон, туруулаhан, сайдыы туhугар бары биир киhи курдук үлэлиэҕин, үүнүөххэ-сайдыахха диэн барыгытын ыҥырабын!
Бу үүммүт самаан сайын барыгытыгар уйгуну-быйаҥы, күргүөмнээх - күүстээх, түмүктээх үлэни, үгүс үөрүүлээх түгэни тосхойдун! Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, иллээх-эйэлээх, бигэ туруктаах олоҕу баҕарабын!
Министр, В.А. Егоров |