Кулун тутар 22 күнүгэр Баатаратааҕы "Кэскил" оҕо саадын иитээччитэ Попова Марфа Прокопьевна - Мусьяна Сосина айар семинара буолан ааста.
Семинарга 28 педагог кыттыыны ылла. Манна иитээччи, оҕо суруйааччыта Мусьяна Сосина хоһооннорун иитиигэ- үөрэтиигэ туһаныы тула кэпсэтии буолла. Бэйэлэрин опыттарын семинар тематыгар сыһыаран "Кэскил" детсад иитээчилэрэ, Хоробут КМХ иитээччилэрэ үллэһиннилэр. Ааптар 5 оҕолорго аналлаах хоһоонун хомуурунньуктара күн сирин көрбүттэр. Ону таһынан "Мультидек" таһаарбыт тэттик ойулуктар (мультиктар) Мусьяна Сосина сценарийдарынан оҥоһуллан иитээччилэргэ үлэлэригэр тутталларыгар олус туһалаах буолбут.
Кэрэҕэ-сырдыкка сирдиир айымньылардаах ситимнээхтик үлэлэһэр ааптардарын "Чуораанчык" сурунаал эппиэттиир сэкиритээрэ Матвеева Сардаана Анатольевна, "Пора роста" дистанционнай тэрээһиннэр кииниттэн Корнилова Алена Константиновна сырдаттылар. Мусьяна Прокопьевна 3 детсадка гимн суруйбут, кини 5 мелодиһы кытта ыкса үлэлэһэрин билиһиннэрдэ. Чурапчы "Улыбка" детсад музыкальнай салайааччыта Матрена Пермякова Мусьяна Сосина хоһоонноругар суруйбут ырыаларын иһитиннэрдэ, салгыы бииргэ үлэлэһэр санаатын биллэрдэ. Улуустааҕы "Таммахтар" литературнай холбоһук аатыттан эҕэрдэни тиэртэ, элбэх үлэни ыыта сылдьарын бэлиэтээтэ Инна Николаевна Николаева-Угинка.
Семинар түмүгэр мустубут педагогтар Мусьяна Сосина алыптаах хомуһун тыаһыгар дьүөрэлээн маастар кылааска кыл мээчиктэри оҥордулар. Кыттааччылар бары айылгылаах коллегаларын үлэтин сэргээн, ситиһиини баҕаран тарҕастылар.
Ларионова М.Н., улуус үөрэҕириигэ салалтатын кыл. специалиһа
#ГПН_2023
#ГодПедагогаНаставника
|