Атырдьах ыйын 15-18 куннэригэр «Ленскэй уерэхтээьин форума» Дьокуускай куоракка буолан ааста. Форум Россия уерэхтээьинин систематыгар сана суурээннэри кердееьун диэн темалаах.
Сурун бол5омтону бу форумна “Аьа5ас оскуолалар” эбии уерэхтээьиннэригэр, уерэтии ньымаларыгар о5ону иитиигэ, уерэтииигэ биирдиилээн ньыманы тутуьан о5ону сайыннарыы хайысхаларын кердууллэр. Ол курдук саналыы инновационнай технологиялары, сетевой уерэх ситимнэрин, уерэнээччигэ учуутал аныгылыы суолтатын, уопсай уонна эбии уерэхтээьин ситимнэрин уп- харчы еттунэн табыгастаахтык улэлиир ньымаларын кердулэр.
Атырдьах ыйын 16 кунугэр Саха республикатын уерэ5ириитин министерствота уонна Россия Саха республикатын анал уерэхтээьин уонна кадрдары аттарыы министерствота, Саха республикатын С. Н. Донской аатынан уэрэ5ирии уонна уэрэ5и урдэтэр институт ке5улээьиннэринэн Ленин болуоссатыгар интерактивнай площадкалар улэлээтилэр. Бу аьа5ас площадкаларга “Политехническай оскуолалар: инженернай уерэхтээьин инникитэ” – диэн темалаах Мэнэ Ханаластан политехническай ситим оскуолалара быыстапка5а кытыннылар. Ону тэнэ Аллараа Бэстээх 2-с нуемэрдээх оскуолатын библиотеката Bestbibl.ru электроннай сайтын, ону тэнэ «Электроннай уерэхтээьиннэ кеьуу» проект автора, библиотекарь Фомина Прасковья Семеновна кэпсээтэ, билиьиннэрдэ. Бу бырайыак нуучча, саха художественнай литературатын барытын биир электроннай сайтка тумэн о5о аа5арыгар, тереппут туьанарыгар табыгастаах гына онорон киэн арана5а таьаарда уонна быйылгы сылтан сана проект улэтин билиьиннэрдэ.
Улууспут политехническай ситимигэр улэлиир оскуолалара (Павловскай орто оскуолата, Аллараа – Бэстээх маннайгы уонна иккис нуемэрдээх оскуолалара, В. П. Ларионов аатынан 1 №-дээх Майатаа5ы орто оскуола, Тенулутээ5и, Техтур орто оскуолалара уонна Техтурдээ5и о5ону сайыннарар техническэй киин) араас быьыылаах техническай моделлары, макеттары, программанан салайыллар роботтары, оскуолалар технопаркаларын бородууксуйаларын кердердулэр.
Мэнэ-Ханалас политехническай ситимнэрин площадкатын республика оскуолаларын учууталлара, директордара, урдук уерэх кыьаларыттан араас идэлээх учуонайдар, Саха республикатын уерэ5ириитин министра, педагогическай наука доктора Габышева Феодосия Васильевна, Саха республикатын эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын министра Владимиров Афанасий Семенович, ону тэнэ Юнеско представителэ Францияттан сылдьар «Тохтоло суох уерэхтээьин” салайааччыта Дэвид Атчоарена биьирээн кердулэр.
Аллараа Бэстээхтээ5и 2 №-дээх оскуола директорын научнай – методическай улэ5э солбуйааччы, политехническай оскуолалар ситимнэрин салайан улэлэтэр Андросова Евгения Иннокентьевна «Аьа5ас оскуола уонна 21 уйэ суунэ улахан ынырыылара» диэн дискуссионнай площадка5а «Аьа5ас оскуолалар уонна балысхан сайдыылаах олох» диэн тема5а доклад онордо. Манна кини политехническай ситим оскуолалара, олох балысхан уларйыыларын кэтэьэн олорбокко тумсэн, кыахтарын тумэн бииргэ куускэ улэлээн олороллорун бэлиэтээтэ. Араас социальнай хайысхалаах бырайыактар общественноьы кытары бииргэ улэ5э киирбит уопуттарын, социум ресурсаларын иьигэр уерэхтээьини ылыахтаа5ын кэпсээтэ.
Бу форум улэтигэр «Федеральнай инновационнай площадкалар улэлэрин ис хоьоонноро» диэн лекциятыгар Владимир Константинович Бацын сурдээх учугэй ис хоьоонноох кэпсээнин иьиттибит. Владимир Константинович Бацын этэринэн: «О5о айыл5анан айыллыбытынан сайдыахтаах, оскуола о5о5о сатабылы, ей- санаа еттунэн сайдар кыа5ы биэриэхтээх. Оскуола, тереппут былыргылыы урдук уерэххэ киир, уерэн диэн санааны ииппэккэ, инникитин хайдах таьымнаах олоххо олоруоххун ба5ара5ын, ол сыалгын хайдах ситиьиэххин себуй диэн санаа5а иитэн- уерэтэн таьаарыхтаах». Ону тэнэ «Эврика» политикатын проблемнай уерэхтээьинин институтун» директоры солбуйааччыта О. Б. Устюгова Федеральнай инновационнай площадкалар 2011-2015 сыллаа5ы улэлэрин тумугун кердерде.
Тумуктээн эттэххэ, форум 4 куннээх улэтэ о5о сайдарын туьугар эбии уерэхтээьин куускэ улэлэьэн, сана септеех технологиялары туьанан уерэх тэрилтэлэрэ миэстэтигэр о5о сайдарын туьугар куустээх, биир ситимнээх улэни ыытар туьугар туьуланна.
Оконешникова Идея
|